«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 2-с бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна

❇️❇️❇️ Муус устар 13 күнүгэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Уус Алдан улууһугар Инфраструктура сайдыытын сылларыгар анаммыт
«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 2-с бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна.

Манна кыттыыны ыллылар: Хоро, 1-кы Хоро, Түүлээх, Бээрийэ, 2-с Байа5антай, 2-с Лөгөй, Өнөр, Баата5ай, Өспех, Чэриктэй нэһилиэктэрэ.

Санатан эттэххэ улууспут нэһилиэктэрэ 2 бөлөххө арахсан кулун тутар 6 күнүттэн 23 күнүгэр диэри уус-уран самодеятельность көрүү фестивал кэнсиэрин уонна быыстапкатын тэрийэн ыыттылар, фестивалы көрүү түмүгүнэн, уопсай түмүккэ 2-с бөлөх нэһилиэктэригэр:

1 миэстэ — БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ. Баһылык ВАСИЛЬЕВ П.В. (6,77 б.);
2 миэстэ — 1 ХОРО нэһилиэгэ. Баһылык БУРЦЕВ В.В. (6,60 б.);
3 миэстэ — ТҮҮЛЭЭХ нэһилиэгэ. Баһылык ВИНОКУРОВ С.В. (6,50 б.).

Кэнсиэр түмүгүнэн:
1 миэстэ — Бээрийэ (8,63),
2 миэстэ — Түүлээх (8,50),
3 миэстэ — 1 Хоро (8,20).

Быыстапка түмүгүнэн:
1 миэстэ — 1 Хоро (5,0),
2 миэстэ — Бээрийэ, Баатаҕай (4,9),
3 миэстэ — Өспөх (4,8) нэһилиэктэрэ.

Бэстибээл түмүгүнэн кыайыылаахтарга улуус Аҕа баһылыга туруорбут анал бирииһин, харчынан сертификаттар туттарылыннылар:

Бээрийэ нэһилиэгэр 200 000 солк.,
I Хоро нэһилиэгэр 150 000 солк.,
Түүлээх нэһилиэгэр 100 000 солк.

Улууспут самодеятельноһын сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр үлэһит, дьоһун дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Муус устар 14 күнүгэр, сарсын 1-кы бөлөх нэһилиэктэр лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытыллыа.

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также

Совет директоров

Сегодня, 10 декабря, в Офисном центре с. Борогонцы состоялся Совет директоров культурно-досуговых учреждений улуса.  Приняли участие начальник управления культуры Киренская

Анна Ивановна Румянцева төрөөбүтэ 90 сылынан дьахталлар ансаамбылларын өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис аһаҕас куонкурустара

Сэтинньи 29 күнүгэр Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар Илья Иванович Артамонов аатынан Найахы сынньалаҥ киинин коллектива тэрийиитинэн Найахы народнай хорун солистката,