«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 2-с бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна

❇️❇️❇️ Муус устар 13 күнүгэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Уус Алдан улууһугар Инфраструктура сайдыытын сылларыгар анаммыт
«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 2-с бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна.

Манна кыттыыны ыллылар: Хоро, 1-кы Хоро, Түүлээх, Бээрийэ, 2-с Байа5антай, 2-с Лөгөй, Өнөр, Баата5ай, Өспех, Чэриктэй нэһилиэктэрэ.?

Санатан эттэххэ улууспут нэһилиэктэрэ 2 бөлөххө арахсан кулун тутар 6 күнүттэн 23 күнүгэр диэри уус-уран самодеятельность көрүү фестивал кэнсиэрин уонна быыстапкатын тэрийэн ыыттылар, фестивалы көрүү түмүгүнэн, уопсай түмүккэ 2-с бөлөх нэһилиэктэригэр:

?1 миэстэ — БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ. Баһылык ВАСИЛЬЕВ П.В. (6,77 б.);
?2 миэстэ — 1 ХОРО нэһилиэгэ. Баһылык БУРЦЕВ В.В. (6,60 б.);
?3 миэстэ — ТҮҮЛЭЭХ нэһилиэгэ. Баһылык ВИНОКУРОВ С.В. (6,50 б.).

Кэнсиэр түмүгүнэн:
1 миэстэ — Бээрийэ (8,63),
2 миэстэ — Түүлээх (8,50),
3 миэстэ — 1 Хоро (8,20).

Быыстапка түмүгүнэн:
1 миэстэ — 1 Хоро (5,0),
2 миэстэ — Бээрийэ, Баатаҕай (4,9),
3 миэстэ — Өспөх (4,8) нэһилиэктэрэ.

Бэстибээл түмүгүнэн кыайыылаахтарга улуус Аҕа баһылыга туруорбут анал бирииһин, харчынан сертификаттар туттарылыннылар:

Бээрийэ нэһилиэгэр 200 000 солк.,
I Хоро нэһилиэгэр 150 000 солк.,
Түүлээх нэһилиэгэр 100 000 солк.
?????

Улууспут самодеятельноһын сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр үлэһит, дьоһун дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Муус устар 14 күнүгэр, сарсын 1-кы бөлөх нэһилиэктэр лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытыллыа.

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"