«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 1-кы бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна.

⚜️❇️Муус устар 14 күнүгэр
«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 1-кы бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна.

Кыттыыны ыллылар: Курбуһах, Бэрт ууһа, Найахы, Суотту, Бороҕон, Байаҕантай, Лөгөй, Дүпсүн, Өлтөх нэһилиэктэрэ?

Фестивалы көрүү түмүгүнэн уопсай түмүккэ 1-кы бөлөххө кыайыылаҕынан буоллулар:

1 миэстэ — ЛӨГӨЙ нэһилиэгэ. Баһылык ПОПОВ Н.Н. (6,36 б.);
2 миэстэ — БОРОҔОН нэһилиэгэ. Баһылык АЛЕКСЕЕВ В.П. (6,31 б.);
3 миэстэ — НАЙАХЫ нэһилиэгэ. Баһылык СЛЕПЦОВ П.А. (6,26 б.).

Кэнсиэр түмүгүнэн:
1 миэстэ — Найахы нэһилиэгэ (8,22 б.)
2 миэстэ — Лөгөй нэһилиэгэ ( 8,02 б.);
3 миэстэ — Бороҕон (7,72 б.).

Быыстапка түмүгүнэн:
1 миэстэ — Бороҕон нэһилиэгэ
(Тумул) ( 4,9 б.);
2 миэстэ — Өлтөх нэһилиэгэ
(Бэйдиҥэ) ( 4,8 б.);
3 миэстэ — Лөгөй нэһилиэгэ
(Кэптэни) ( 4,7 б.);

Кыайыылаах нэһилиэктэр улуус Аҕа баһылыга Алексей Васильевич туруорбут бирииһин харчынан сертификаттары туттулар:

⚜️ЛӨГӨЙ нэһилиэгэр 200 000 солк.,
⚜️БОРОҔОН нэһилиэгэр 150 000 солк.,
⚜️НАЙАХЫ нэһилиэгэр 100 000 солк.

Улууспут уус-уран самодеятельноһын сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр үлэһит, дьоһун дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Уус-Алдан культуратын пресс-сулууспата

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также

Совет директоров

Сегодня, 10 декабря, в Офисном центре с. Борогонцы состоялся Совет директоров культурно-досуговых учреждений улуса.  Приняли участие начальник управления культуры Киренская

Анна Ивановна Румянцева төрөөбүтэ 90 сылынан дьахталлар ансаамбылларын өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис аһаҕас куонкурустара

Сэтинньи 29 күнүгэр Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар Илья Иванович Артамонов аатынан Найахы сынньалаҥ киинин коллектива тэрийиитинэн Найахы народнай хорун солистката,