Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ Өрөгөйдөөх 100 сылынан Уус-Алдан улууhугар «Өрөгөй» оһуохайа

Муус устар 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Саха буолан сатараабыт, урааҥхай буолан тэнийбит үбүлүөйдээх Өрөгөй күммүт үүммүт күнүгэр, Уйгу Сирэ Уус Алдан улууһун килбэйэр киинигэр, Мүрү алаас томтойор туонатыгар, «Лөгөй» аатынан киин болуоссакка, үөрүүлээх тэрээһин, ону тэҥэ «Өрөгөй» оһуохайа ыытылынна.

 Улууспут баһылыга Алексей Васильевич дойдутун дьонугар эҕэрдэтин эттэ, Сахабыт сирэ сайдыы суолун тутуһан үүнэ-сайда, чэчирии туруохтун диэн ба5а санаатын тиэртэ. 

Күргүөм оһуохай «Найахылыы» оһуохайынан са5аламмыта.
Оһуохайы Олоҥхо дьиэтин специалиһа Ньургуйаана Никитина таһаарбыта.
Онтон «Сүр көтөҕүү» оһуохайын таһаардылар саҥа тэриллэн эрэр этно бөлөх чилиэттэрэ Айаал Аргунов, Александр Гоголев, Дуолан Бочкарев, Гаврил Свинобоев, Константин Слепцов, Павел Охлопков. Тэтим биэрэн күпсүүрүнэн доҕуһуоллаатылар Петр Копырин, Артур Свинобоев.

Бу күн Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир дьоро күҥҥэ улууспут бары нэhилиэктэригэр «Өрөгөй» оһуохайын кырдьа5астыын, эдэрдиин бука-бары  биир сомоҕо буолан  уруйдаан-айхаллаан оһуохайдаан көрсүстүбүт!

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также

Пушкинская карта

🌐 https://culture.gosuslugi.ru/ 🌐 https://www.vtb.ru/personal/karty/debetovye/pushkinskaya_karta/ 👆как оформить и получить Пушкинскую карту 🌐 https://www.culture.ru/ 👆 «ПРО Культура» — Афиши театров, музеев, выставок,

«Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ

Олунньу 27 кунугэр улууспутугар «Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ буолла. Ыытыллыбыт үҥкүү түһүлгэтэ