Бүгүн кулун тутар 25 күнүгэр Россияҕа — культура үлэһиттэрин күнэ. Улуустааҕы культура управлениетын уонна культура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун аатыттан бүгүҥҥү идэтийбит бырааһынньыкпытынан бары культура эйгэтин үлэһиттэрин, ветераннарын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Баҕарабыт элбэх, саҥа айар сүүрээни, инники былааннаргыт туолуутугар үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ үөрүүнү аҕалыҥ, үтүөнү үксэтиҥ!

«Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ
Олунньу 27 кунугэр улууспутугар «Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ буолла. Ыытыллыбыт үҥкүү түһүлгэтэ
