Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ Өрөгөйдөөх 100 сылынан Уус-Алдан улууhугар «Өрөгөй» оһуохайа

Муус устар 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Саха буолан сатараабыт, урааҥхай буолан тэнийбит үбүлүөйдээх Өрөгөй күммүт үүммүт күнүгэр, Уйгу Сирэ Уус Алдан улууһун килбэйэр киинигэр, Мүрү алаас томтойор туонатыгар, «Лөгөй» аатынан киин болуоссакка, үөрүүлээх тэрээһин, ону тэҥэ «Өрөгөй» оһуохайа ыытылынна. Улууспут баһылыга Алексей Васильевич дойдутун дьонугар эҕэрдэтин эттэ, Сахабыт сирэ сайдыы суолун …