Омуннаах олонхо, Дьүрүһүйэр хомус

Сэтинньи 25 күнүгэр «Тойон Мүрү» култуура киинигэр «Омуннаах олонхо, Дьүрүһүйэр хомус» декада үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста. Тэрээһин үс түһүмэхтээх ыытылынна ол курдук бастакы түһүмэх Декада арыллыытын үөрүүлээх чааһа, иккис түһүмэххэ Аар Айыы итэҕэлин алгысчыта Александра Васильевна Жиркова – алгыстаан бар дьонун  ыраастаата уонна II Лөгөй нэһилиэгиттэн «Дьүрүскэн» хомус бөлөҕө алгыс тылын ыалдьыттарага иҥэрэн дьүрүскэн хомус …

Хомус кырдала-2021

Ахсынньы 2 күнүгэр Уус Алдан улууьугар Борогонно «Тойон Мүрү» култуура киинигэр   Аан дойду виртуоз хомусчута Россия үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Оготоев төрөөбүтэ 60 сылыгар анаан  Альберт Алексеевич Находкин ааптарскай бырайыагынан XI төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хомус кырдала-2021» кыайыылаахтарын чиэстиир үөрүүлээх үс түһүмэхтээх тэрээһинигэр буолан ааста. Ол курдук Бастакы түһүмэх: «Хомус күнэ Уус-Алдан улууһугар» үөрүүлээх чааһын арыллыыта …

Лөгөй нэһилиэгин олонхоһута Николай Петрович Боодоҕос

Бурнашев Николай Петрович-Боодьоҕос (1876-1953) Лөгөй нэһилиэгин олоҥхоһута. «Суорун» алааска 1 Лөгөй нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга Бурнашев Буөтур-Оломпо оҕонньордооххо үһүс оҕоннон төрөөбүт. 40 сааһыттан дьиҥнээх олоҥхоһут аатырбыт. Оччотооҕу кэм улахан олоҥхоһуттара Нам улууһун ырыаһыта Чогдооруйа уола Мэхээлэ, Таатта улууһуттан олоҥхоһут Маарыйа, биир дойдулааҕа Наара Суох Охлопков  олонхолорун истэн үөрэммитэ. 1936 с. П.А. Ойуунускай Чараҥ ыһыаҕар тахса сылдьан …

Хомус кырдала 2021

Featured Video Play Icon

Аан дойду виртуоз хомусчута, Россия үтүөлээх артыыһа П.П. Оготоев төрөөбүтэ 60 сылыгар анаммыт, Альберт Находкин ааптарскай бырайыагыгынан XI төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи хомусчуттар түһүлгэлэрэ

«Күн Ньургун» — Олоҥхо

Featured Video Play Icon

«Өбүгэ үгэһин ситимэ норуот халандаара» Өрөспүүбүлүкэтээҕи  норуот айымньытын дьиэтин  бырайыагын чэрчитинэн, саха халандаарынан ахсынньы 21 күнэ дьыл саамай кылгас, иһийии кэмигэр аналлаах Уус Алдан улууһун «Уйгу» фольклорнай бөлөх толоруутугар П.Н. Соловьев-Намыын «Күн Ньургун»  олоҥхону истэргитигэр ыҥырабыт.

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"