Дьоһун киһибитигэр өссө төгүл үбүлүөйүн күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!

Раиса Реасовна 85 сааһын туолар үөрүүлээх күнүнэн өр сылларга олорбут, үлэлээбит Уус Алданыттан дьоно сэргэтэ киирэн эҕэрдэлээтилэр.

Уус Алдан улууһун культураҕа управлениетын начальнига Аммосов И. И истиҥ иһирэх тылынан эҕэрдэлээн, таһаарыылаах үлэтин сырдатан туран махтал суругун,өйдөбүнньүк бэлэҕин туттарда.

Суотту нэһилиэгин солбуйар баһылыга Ксенофонтов С. И , өр сылларга үлэлээбит Суотту орто оскуолатын профкомун председателэ Бубякина С. В., дьүөгэлэрин ааттарыттан Гоголева Е. Н .эҕэрдэ, махтал тылларын этэн Раиса Реасовна үөрүүтүн үрдэттилэр.

Раиса Реасовна үбүлүөйүнэн дьонун — сэргэтин хаартыскаларын, бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэрин, наҕараадаларын көрдөрөн кэпсээн барыбытын үөртэ, долгутта.

Дьоһун киһибитигэр өссө төгүл үбүлүөйүн күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлээн туран күн сирин үтүөтүн — кэрэтин баҕарабыт.

ЕН.Гоголева, Хоноҕордооҕу СК сэбиэдиссэйэ

Тохсунньу ый 12 күнэ 2022 с.

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также

«Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ

Олунньу 27 кунугэр улууспутугар «Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ буолла. Ыытыллыбыт үҥкүү түһүлгэтэ

Саха төрүт култууратын кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар тиэрдэр

Бүгүн, олунньу 25 күнүгэр, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдаа5ы култуура уонна искусство кэллиэһин уһуйааччылара фольклор көрүңнэригэр идэни, билиини үрдэтэр үөрэхтэрэ Олоңхо