«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 1-кы бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна.

⚜️❇️Муус устар 14 күнүгэр
«ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА — ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы уус-уран самодеятельность көрүү — фестиваль 1-кы бөлөҕүн лауреаттарын ГАЛА-КОНЦЕРА ыытылынна.

Кыттыыны ыллылар: Курбуһах, Бэрт ууһа, Найахы, Суотту, Бороҕон, Байаҕантай, Лөгөй, Дүпсүн, Өлтөх нэһилиэктэрэ?

Фестивалы көрүү түмүгүнэн уопсай түмүккэ 1-кы бөлөххө кыайыылаҕынан буоллулар:

1 миэстэ — ЛӨГӨЙ нэһилиэгэ. Баһылык ПОПОВ Н.Н. (6,36 б.);
2 миэстэ — БОРОҔОН нэһилиэгэ. Баһылык АЛЕКСЕЕВ В.П. (6,31 б.);
3 миэстэ — НАЙАХЫ нэһилиэгэ. Баһылык СЛЕПЦОВ П.А. (6,26 б.).

Кэнсиэр түмүгүнэн:
1 миэстэ — Найахы нэһилиэгэ (8,22 б.)
2 миэстэ — Лөгөй нэһилиэгэ ( 8,02 б.);
3 миэстэ — Бороҕон (7,72 б.).

Быыстапка түмүгүнэн:
1 миэстэ — Бороҕон нэһилиэгэ
(Тумул) ( 4,9 б.);
2 миэстэ — Өлтөх нэһилиэгэ
(Бэйдиҥэ) ( 4,8 б.);
3 миэстэ — Лөгөй нэһилиэгэ
(Кэптэни) ( 4,7 б.);

Кыайыылаах нэһилиэктэр улуус Аҕа баһылыга Алексей Васильевич туруорбут бирииһин харчынан сертификаттары туттулар:

⚜️ЛӨГӨЙ нэһилиэгэр 200 000 солк.,
⚜️БОРОҔОН нэһилиэгэр 150 000 солк.,
⚜️НАЙАХЫ нэһилиэгэр 100 000 солк.

Улууспут уус-уран самодеятельноһын сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр үлэһит, дьоһун дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Уус-Алдан культуратын пресс-сулууспата

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также

“Бриллиантовые нотки”

Тохсунньу ый 5-6 күннэригэр, “Бриллиантовые нотки” фестивальнай комитет өрөспүүбүлүкэтээ5и күрэ5ин кыайыылаахтара, И.Н.Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын “Кэскил” СӨ образцовай хомусчуттар