Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 21 күнүн Саха сиригэр Ырыа күнүнэн биллэрдэ.
Саха өйдөбүлүнэн, саҥа сыл самаан сайын үүнэр күнүттэн саҕаланар. Ол аата дьылы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэн баран саҥа сылы үөрэн-көтөн туран бэлиэтииллэрэ буолар.
Быйыл ыытыллар Ырыа күнэ Саха сирин ырыа айааччыларын ассоциацията тэриллибитэ 30 сылыгар ананар.
Ырыа эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар биир идэлээхтэрбитин улуус культураҕа управлениетын аатыттан Ырыа күнүнэн эҕэрдэлиибит! Куруутун айар куттаах, ырыа аргыстаах буолуҥ!

Уус Алдан улууһун нэһилиэктэригэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар ыытыллар тэрээһиннэр
Улуу Кыайыы 80 сылаУус Алдан улууһун нэһилиэктэригэр ыытыллар тэрээһиннэр: Ыам ыйын 5 күнэ:Кэптэни – 10:00-18:00ч. “УРУЙДУУБУТ УЛУУ КЫАЙЫЫНЫ!” — Кыайыы