12 день России

Ытыктабыллаах Уус Алдан улууһун олохтоохторо!
1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Россия судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ. Онтон ылата дойду сайдыытыгар бары субъектар тэҥ бырааптаах буолууларын мэктиэлиир саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыта.

Бэс ыйын 12 күнэ — норуоппут биир сомоҕо буолуутун кэрэһилиир олус суолталаах бырааһынньык. Дойдубут чэчирии тупсарын сайдарын модун күүһэ кыаҕырарын туһугар хас биирдии киһи кыһаллыахтаах. Россияҕа араас итэҕэлээх элбэх омук бэрэстэбиитэллэрэ иллээхтик, эйэ-дэмнээхтик олороллор, айаллар-туталлар, үлэлииллэр. Биһиэхэ дойдубут интэриэһин туруулаһар, уопсастыбабыт бөҕөргүүрүн туһугар, бары түмсэн үлэни-хамнаһы тэрийэргэ сорук турар. Биһигини барыбытын дойдуга бэриниилээх буолуу, киниэхэ таптал, кини сайдарын туһугар айымньылаах үлэ, үүнэр көлүөнэҕэ истиҥ сыһыан сомоҕолуур. Баҕарабыт эһиэхэ ситиһиилээх үлэни, үөрэҕи, чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, дьолу-соргуну!

Улуус баһылыга ВАСИЛИЙ АММОСОВ

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также

Пушкинская карта

🌐 https://culture.gosuslugi.ru/ 🌐 https://www.vtb.ru/personal/karty/debetovye/pushkinskaya_karta/ 👆как оформить и получить Пушкинскую карту 🌐 https://www.culture.ru/ 👆 «ПРО Культура» — Афиши театров, музеев, выставок,

«Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ

Олунньу 27 кунугэр улууспутугар «Иэйии-2026» биирдиилээн уонна 5 киhиэхэ диэри а5ыйах толорооччулаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас үҥкүү күөн-күрэһэ буолла. Ыытыллыбыт үҥкүү түһүлгэтэ