10 СЫЛ АЛЫПТААХ ААРТЫГЫ ДАБАЙАН

10 СЫЛ АЛЫПТААХ ААРТЫГЫ ДАБАЙАН быыстапка кулун тутар 9 күнүттэн 14 күнүгэр диэри улуус түмэлигэр арылынна ?

Уус Алдан улууһа бүтүн Республикаҕа аар-саарга аатырбыт иистэнньэҥнэринэн аатырыан аатырар. Улууспутугар 26 Саха Республикатын норуотун маастара, 28 Саха Республикатын норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, 54 Уус Алдан улууһун норуотун маастара ааттаах-суоллаах дьон айа-тута сылдьалларынан киэн туттабыт.

Бүгүн, кулун тутар 9 күнүгэр, улууспутугар «Үһүс саас оскуолата» тэриллибитэ үбүлүөйдээх 10 сылыгар аналлаах быыстапка аалай лиэнтэтин улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Васильевич Борисов, СР бочуоттаах бэтэрээнэ, СР социальнай үлэ туйгуна Домна Николаевна Бурнашева уонна Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус түмэлин директора Дьулустан Михайлович Заболоцкай үөрүүлээх быһыыга-майгыга быстылар.

Хас биирдии маастар үлэтэ — ураты көстүү. Быыстапкаҕа кинилэр илиилэрин сылааһынан, мындыр толкуйдарынан, ураты уран дьоҕурдарынан айыллан тахсыбыт оҥоһуктара киэҥ көрүүгэ турдулар??????
Кэлбит ыалдьыттарга улуустааҕы култуура салалтатын начальнигын солбуйааччы Лена Семеновна Павлова «Үһүс саас оскуолатын» үлэтин-хамнаһын сырдатта, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр.

Быыстапканы Домна Николаевна Бурнашева, Галина Семеновна Охлопкова, Мария Петровна Колодезникова, Мария Егоровна Петрова сырдаттылар.

Улууспут олохтоохторун, талба талааннаах дьоммут үлэлэрин кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабыт ?

https://t.me/UAkultura/3314