Лөгөй нэһилиэгин олонхоһута Николай Петрович Боодоҕос

Бурнашев Николай Петрович-Боодьоҕос (1876-1953)

Лөгөй нэһилиэгин олоҥхоһута. «Суорун» алааска 1 Лөгөй нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга Бурнашев Буөтур-Оломпо оҕонньордооххо үһүс оҕоннон төрөөбүт. 40 сааһыттан дьиҥнээх олоҥхоһут аатырбыт. Оччотооҕу кэм улахан олоҥхоһуттара Нам улууһун ырыаһыта Чогдооруйа уола Мэхээлэ, Таатта улууһуттан олоҥхоһут Маарыйа, биир дойдулааҕа Наара Суох Охлопков  олонхолорун истэн үөрэммитэ.

1936 с. П.А. Ойуунускай Чараҥ ыһыаҕар тахса сылдьан аатырбыт олонхоһуттары мунньан ыллатан истибит. Ол кэнниттэн Саха автономиятын 15 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх үбүлүөйүгэр Боодьоҕос кыттыыны ылан радиоҕа уһуллан, патефон бэлэхтээх дойдутугар төннүбүт.

 Олоҥхолоро:

  • «Орто дойду буойуна Оҕо Дуолан бухатыыр;
  • «Үс курдаах Уөлэн Хардааччы»;
  • «Тумул тыал кэтэҕиттэн быстан иһэрин курдук, туус маҥан аттаах уолларбаай тойон;
  • «Үтүө киһи көхсүн хаана үктэллээ хөттук Молдьой бухатыыр»;
  • «Күлүгүнэн оонньуур көҕө нэлэмэс аттаах, күүстээх уохтаах Күскэм Даадар»;
  • «Баай киһи Баһымньы Баатыр»;
  • «Кыргыс кэм ииниллэр кыһыл буур аттаах Кыыс Дэбилийэ бухатыыр»;

1947 с. Дьяконов Степан Константинович  балтараа ый ыллатан Боодьоҕос  Кыыс Дэбилийэ Хотун олонхотун суруйбута. 1997 с. бу олонхо кинигэ буолан тахсыбыта.

2002 сыллаахха «Кыыс Дэбилийэ» олонхо-спектакль «Кыһыл көмүс мааска» фестивальга театральнай кириитиктэр анал бириистэринэн наҕараадаламмыта. Туруорааччы режиссер Андрей Борисов.

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"