Ийэ дойдубутун көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, анаан “Бэрт-Ууһун уустара” түмсүү саха быһахтарын оҥорон араҥаччылыыр аналлаах Алгыс түһэрэн улууспут Аҕа Баһылыгар туттардылар

Олунньу ый 8 күнүгэр Ийэ дойдубутун көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, уолаттарбытыгар анаан Сыырдаах бөһүөлэгин “Бэрт-Ууһун уустара” түмсүү саха быһахтарын оҥорон, харыстыыр, араҥаччылыыр аналлаах анал Алгыс түһэрэн , улууспут Аҕа Баһылыгар Алексей Васильевич Федотовка туттардылар.
Саха кыыннаах быһахтарын оҥордулар Бэрт-Ууһун нэһилиэгин тимир уустара:
1. Попов Илларион Егорович
2. Колодезников Егор Егорович
3. Шепелев Афанасий Афанасьевич
4. Катакинов Александр Петрович
5. Иванов Анатолий Гаврильевич
6. Попов Константин Илларионович

Илларион Егорович Попов байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттары кытары кэпсэтэн, туттарга табыгастаах гына анаан, 70 устуука саха кыыннаах быһаҕын оҥордубут диэн билиһиннэрдэ. Колодезников Егор Егорович этиҥ түспүт маһынан кыыннаах быһахтары арчылаата, аал уоту аһатан уолаттарбытын араҥаччылыы сырыттын диэн көрдөстө.
Бу уустук кэмҥэ, дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар көмө, өйөбүл буола турар уустарбытыгар барҕа махталбытын этэбит.

ЭКЦ «Олоҥхо Дьиэтэ»

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"