Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ улуустааҕы бастакытын «Дьиэрэй» фольклор көрүҥнэригэр күрэх ыытылынна

Россияҕа культурнай нэһилиэстибэ сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уһуйааччы Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ улуустааҕы бастакытын «Дьиэрэй» фольклор көрүҥнэригэр күрэх ыытылынна.
Сэтинньи 30 күнэ Өрөспүүбүлүкэҕэ Хомус күнэ. Күрэх саҕаланыан иннинэ күргүөмүнэн хомус тардыытыгар флешмоб ыытылынна. Күргүөм хомуһунан оһуохайы таһаардылар Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Мария Михайловна Соловьева аатынан «Хомус ситимэ» улуустааҕы хомусчуттар күрэхтэрин Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа Прокопий Степанов уонна Мэҥэ-хаҥалас улууһугар «Олонхофест», «Неолонхо-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат фестивалыгар «Төрүт дорҕоон» күрэҕин Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа Федот Винокуров.
«Дьиэрэй» фольклор көрүҥнэригэр күрэххэ 8 нэһилиэктэн дьон-сэргэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Күрэх 4 көрүҥүнэн арахсан ыытылынна: төрүт доҕоон, дэгэрэҥ норуот ырыата, чабырҕах уонна тойук. Күрэх түмүгүнэн Тойукка 3 үрдэли ылла Пелагея Васильева Курбуһах нэһилиэгэ. Хомус тардыытыгар ансаабылларга 2 үрдэл «Татыйык» бөлөх салайааччы: Татьяна Габышева Бороҕон нэһилиэгэ. 1 үрдэли ылла «Дьүрүйээнэ» бөлөх салайааччылар Любовь Готовцева, Анисися Гаврильева Найахы нэһилиэгэ. Биирдиилээн хомус тардыытыгар 3 үрдэл Василий Тимофеев Курбуһах нэһилиэгэ.2 үрдэл Алена Сивцева Найахы нэһилиэгэ. 1 үрдэл Анатолий Свинобоев Найахы нэһилиэгэ. Чабырҕахха 1 үрдэл «Чобуо» бөлөх салайааччы Майа Аржакова Бэйдиҥэ нэһилиэгэ. Норуот ырыатыгар бөлөҕүнэн толорууга 3 үрдэл «Дуолан» бөлөх Курбуһах нэһилиэгэ салайаачылар: Мария Аммосова, Василий Тимофеев. 2 үрдэл «Найахыына» бөлөх салайааччылар: Афанасий Новоприезжий, Анатолий Свинобоев. Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уһуйааччы Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан «Дьиэрэй» улуустааҕы фольклор көрүҥнэригэр күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан буолла Анатолий Свинобоев. Найнахы нэһилиэгэ.

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"