Афанасий Петрович Бурцев — Бөскөй Бөҕө Бээди эбэтигэр ыалдьыттаата

Бүгүн биһиги бөһүөлэккэ ураты өрөгөйдөөх үтүө күн тосхойдо. Бээди бөһүөлэгин олохтоохторугар үйэлэргэ умнуллубат дьоһун мааны күн — Олоҥхо күнэ буолан ааста. Улуу Хоро сириттэн уус-уран самодеятельность, сцена, үлэ бэтэрээнэ, «Уус-Алдан улууһун култууратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» анал бэлиэ хаһаайына, олоҥхону толорооччу, төрүт үгэһи тарҕатааччы Афанасий Петрович Бурцев — Бөскөй Бөҕө Бээди эбэтигэр ыалдьыттаата. Бөһүөлэк олохтоохторо  олоҥхоһуту, олоҥхону сэҥээрээччилэри уохтаах кымыһынан, алгыстаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан күндүлүү көрүстүлэр.

Үгүс үйэлэри уҥуордаан улуу олоҥхоһуттарбыт өркөн өйдөрүнэн, дьоллоох олоххо, үтүөҕэ тардыһар барҕа санааларынан айан хаалларбыт айымньылара — олоҥхо сүтэн, симэлийэн хаалбакка билиҥҥи кэмҥэ тиийэн кэлбитэ кэрэхсэбиллээх. Афанасий Петрович биир дойдулаахпыт  С.С.Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону олоҥхолоон, ол кэннэ оһуохайдаан ойдо. Салгыы  «Дьиэрэй» фольклорнай бөлөх салайааччыта Анна Лугинова, бөлөх кыттыылааҕа Ганя Домотов оһуохайдаан ойдулар. Олоҥхону сэҥээрээччилэр бүгүҥҥү күнтэн дуоһуйан, сынньанан бардылар. Өбүгэбит төрүт айанын сөргүтэн, оҕус көлөнөн айаннаан,  оҕуһунан орох тэбэн олоҥхону толорон, төрүт үгэһи тарҕатан дьоҥҥо-сэргэҕэ, эдэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буолан  көлүөнэлэр ситимнэрин тиһиктиир, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит уус-уран баайбытын — олоҥхобут сүөгэйин-сүмэтин  сүтэрбэккэ, өссө үрдүк таһымҥа таһааран дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэ, тарҕата сылдьар олоҥхоһут Афанасий Петрович Бурцев — Бөскөй Бөҕө айанын

Киэҥ нэлэмэн эбэлээх, бэттиэмэлээх  алаастардаах, күлүмүрдэс күөллэрдээх, эмис собо балыктаах,

Ыраахтааҕыттан Кыһыл көмүс Халпаактаах Чакычай кыыһа Кэтириинэ ырыаһыттаах, уйгу-быйан Бээди дьоно-сэргэтэ, кэнчээри ыччатта  үрдүктүк сыаналыыбыт, киэн туттабыт уонна махтанабыт.

БЭЭДИ   бөһүөлэгин олохтоохторо.

[meta_gallery_slider id=»2552″]

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"