ыл»Кыл алыптаах, сиэл ситимнээх» өрөспүбүлүкэтээҕи көрүү күрэскэ Уус Алдан улууһун маастардара ситиһиилээхтик кытыннылар. «Кыл алыптаах, сиэл ситимнээх» өрөспүбүлүкэтээҕи көрүү күрэскэ сөрүө өрүүтүн көрүҥэр Дүпсүнтэн Соловьева Пелагея Васильевна 2 миэстэ, ат быатын-туһаҕын өрүү көрүҥҥэ Баатаҕайтан Данилова Людмила Ивановна 2 миэстэ буоллулар. «Күн Дьөһөгөй бэлэҕэ» күөн-күрэскэ Уус Алдан атын симэҕэ 2 миэстэни ылан 100000 солк. бириэмийэнэн наҕараадаланнылар. Ат толору симэҕин оҥорон кытыннылар СӨ норуотун маастара Дегтярева Татьяна Гаврильевна уонна СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Данилова Людмила Ивановна. Улуустарын аатын ааттаппыт ситиһиилээх дьоммутугар истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит?????
Уус Алдан культуратын пресс службата
https://t.me/UAkultura/4823