“Өйдөбүнньүктэр”

Сахам сирин алаастарын ахсын
Кыһыл сулустаах өйдөбүнньүктэр
Турбуттар улуу сэриигэ охтон
Төннүбэтэх геройдар кэриэстэригэр…
(Семен Данилов)

Сири – дойдуну сабардаабыт, эйэлээх олохпутун аймыырга соруммут, түөкүннүү саба түспүт фашистскай Германияны Аҕа дойду улуу сэриитигэр Советскай норуот үлтү урусхаллаан кыайыыны ситиспитэ 76 сылын туолла.
Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт уодаһыннаах Улуу сэрии сыллара биһигиттэн сылтан — сыл улам тэйдэр — тэйэн иһэллэр. Ол эрээри ол ыар сыллар иэдээннэрэ, алдьархайдара хаһан да умнуллубуттар.

Уодаһыннаах сэриигэ Аҕа дойдуларын көмүскүү
Аал уоттарын умулларан, алаһа дьиэлэрин сабан
Уус-Алдан улууһуттан Аҕа дойду сэриитигэр
2372 киһи ыҥырыллан ыраах айаҥҥа туруммуттара.

2372 киһи, 2372 ийэ хараҕын уута, ааспат арахпат кутурҕана, 2372 чулуу уолан бэртэрэ…
Барбыттара Ийэ дойдуларын, тапталлаах Сахаларын сирин туруулаһа.
Кинилэртэн 1208 буойун биһиги дьоллоох олохпут иһин сырдык тыыннарын толук уурбуттара… ол иһиттэн 261 буойун сураҕа суох сүппүттэрэ…
1208 ылламматах ырыа, 1208 салҕамматах олох…

Кинилэр сырдык ааттарыгар улууспут хас биирдии нэһилиэктэригэр Өйдөбүнньүк бэлиэлэр тураллар.

Саха народнай бэйээтэ Семен Данилов хоһоонугар, биир дойдулаахпыт, саха народнай артыыһа Владимир Заболоцкай мелодиятыгар, толоруутугар “Өйдөбүнньүктэр” ырыанан Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэбитин ыытабыт.

Биһиги махталлаах көлүөнэбит харах уулаах кыайыыны аҕалсыбыттары өйдүүр, кэриэстиир, сүгүрүйэр!
Биһиги сүрэхпитигэр ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!