Кулун тутар 9 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрыгар Саха Республикатын үтүөлээх артыыската, Мүрү нэһилиэгин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбылын выпускницата Варя Аманатова-Алаас кыыһа эстрада театрыгар үлэлээбитэ 25 сылыгар аналлаах «Үс кутум» диэн айар кэнсиэрэ ураты ис хоһоонноох , үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Сахалыы сиэр-туом, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, добун дорҕоон, тыыннаах доҕоһуол — сахалыы куттаах кэнсиэр элбэх көрөөччүнү, сүгүрүйээччини түмтэ.
Варя дьоро киэһээтигэр биир дойдулаахтарбыт, «Кэнчээри» ансамбль выпускниктара — СӨ үтүөлээх артыыстара Настя Готовцева, Анатолий Бурнашев, «Алаас кыргыттара» үҥкүү бөлөҕө, Вероника Михеева, Кыталы Куо, «Дьиэрэй» эр дьон ансаамбыла уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Варя төрөөбүт Сахатын сирин культуратын Аан дойду, Россия таһымыгар ситиһиилээхтик тарҕатар, пропагандалыыр. Бу дьоро күн Варя доҕотторо Бурятия Республикатын үтүөлээх артыыстара Зоригто уонна Нонна Тогачиевтар кыттан, Алаас кыыһын айар үлэтин үрдүктүк сыаналаатылар, сахалыы, буряттыы, нууччалыы ыллаатылар.
Үөрүүлээх чааска биир дойдулаахпыт Ил Түмэн государственнай мунньаҕын Спикера Петр Васильевич Гоголев, РФ үтүөлээх коллектива «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбылын салайааччыта Василий Степанович Парников, Петр Иванович Попов, улуус баһылыгын 1 солбуйааччыта, Лена Семеновна Павлова, улуус култуураҕа управлениетын начальнигын солбуйааччыта, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Михайлович Белолюбскай, Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Савва Иванович Егоров, Лена Семеновна Заболоцкая «Дойдум миэнэ -Уус Алдан» общественнай түмсүү салайааччыта эҕэрдэлээтилэр. Бу күн кыыһын үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннэ Күн күбэй Ийэ, тапталлаах эбээ Розалия Васильевна Аманатова.
Варя-Алаас кыыһа, эйиэхэ, айар үлэҕэр салгыы үрдүк ситиһиилэри, дьиэ-кэргэҥҥэр этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
[meta_gallery_slider id=»4361″]