Үс бойобуой уордьан кавалера, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Илья Сергеевич Бочкарев төрөөбүтэ 110 сылыгар анаан Дүпсүн нэһилиэгэр Сылгыһыт күнэ ыытылынна

Бүгүн кулун тутар 15 күнүгэр Уус Алдан улууһун, Дүпсүн нэһилиэгин дьаһалталарын, улуус общественниктарын көҕүлээһиннэринэн ыытыллар Сылгыһыт күнэ Үс бойобуой уордьан кавалера, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Илья Сергеевич Бочкарев төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна.

Сылгыһыт күнүн үөрүүлээх чааһын 19 симэхтээх аттаах сахалыы таҥныбыт сылгыһыттар сэлэлии хааман киирэн арыйдылар. Өлтөх, Баатаҕай, Мүрү, Хоро, II Байаҕантай, Найахы, Бэрт Ууһун нэһилиэктэрин, «Мүрү оһуора» түмсүү 8 толору симэхтэринэн киэргэттилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус уран оҥоһуктарын маастара Иван Иннокентьевич Окоемов тикпит эр дьон таҥаһын сылгыһыт уолаттар кэтэн киирдилэр. Сылгыһыт күнүн үөрүүлээх аһыллыытын Үрдүк Айыыларбытыттан, дойдубут иччилэриттэн көрдөһөн алгыһынан аһылынна.
— Бу күн улууспут 6 хамаандалара Бэрт Ууһа, Баатаҕай, Найахы, Лөгөй, Дүпсүн 1, 2 бастыҥ сылгыһыттара күөн көрүстүлэр. Сылгыһыт күрэҕин кыайыылаахтара Найахыттан СИВЦЕВТАР дьиэ кэргэттэрэ буолан, сүрүн бирииһи Өймөкөөн атыыр соноҕоһунан наҕараадаланнылар!
“Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйэн” сылгы сиэлиттэн араас оҥоһуктар, ат маанылаах симэҕин быыстапката турда. «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэрин чилиэнэ Матрена Семеновна Москвитина ат спордугар аналлаах коллекциятын туруорда. И.С. Бочкарев 110 сылыгар аналлаах ахтыы киэһээтэ, кыайыылаахтары чиэстээһин, киэһээтин ат сүүрдүүтэ буолла.