Биһиги биир дойдулаахпыт, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх дирижер-хормейстер, Уус Алдан улууһун, Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина Гоголева Светлана Сергеевна төрөөбүтэ 80 сылын туолар.
Кини 1943 сыллаахха Нам улууһун I Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1962 сыллаахха комсомольскай путевканан Найахытааҕы сельскэй культура дьиэтигэр баяниһынан барбыта.
Найахы народнай хорун, «Тойон Мүрү» сынньалаҥ киинин танцевальнай-хоровой коллективын хормейстерынан үлэлээбитэ.
- 1967-1970 сс. Найахытааҕы культура дьиэтин уус-уран салайааччыта.
- 1973 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училище дирижерскай-хоровой отделениетын бүтэрбитэ.
- 1975-1977 сс. Чэриктэйдээҕи культура дьиэтин директора.
- 1977-1983 сс. Найахытааҕы народнай хор хормейстера.
Найахы хора хоровой коллективтар зональнай көрүүлэрин кыайыылааҕа (1978), самодеятельнай хоровой коллективтар республиканскай көрүүлэрин кыайыылааҕа (1981).
Бороҕон хора — “Товарищ песня” политическай зональнай ырыа фестивалын дипломана (1987), хоровой коллективтар зональнай көрүүлэрин кыайыылааҕа(1995), фольклорга ыччат республикатааҕы фестивалын лауреата(1988) уо.д.а.
Кини салалтатынан Найахы хора 1982 сыллаахха Москва куоракка ыытыллыбыт Саха АССР Россия састаабыгар киирбитэ 350, САССР тэриллибитэ 60 сылларынан Саха литературатын уонна искусствотын күннэригэр, Ульяновскай куоракка ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Бороҕоннооҕу культура дьиэтин норуодунай хоровой коллективын салайбыта. 1982 сыллаахха САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ үрдүк аат иҥэриллибитэ. Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин, Уус-Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Светлана Сергеевна 2010 сыллаахха бу олохтон барбыта.
Кини туһунан Улуустааҕы киин библиотека фондатыгар баар “Трудовая Слава Якутии ” 1 томугар (2003), “Энциклопедия культуры и искусства Якутии” (1 кинигэ, 2011), Аржаков С.С. “Уус-Алдан үлэһит дьоно” (2000), “Дүпсүн сирэ : (Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ)” (2009), “История Усть-Алданского улуса в лицах” (2010) кинигэлэргэ, “Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, хормейстер Светлана Сергеевна Гоголева” диэн М.Д. Макеева, А.А. Сидорова хомуйан оҥорбут ыстатыйалар, хаартыскалар, ахтыы хомуурунньуктарыгар (2003), “Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность” (2020) уо.д.а. бэчээккэ тахсыбыт элбэх ыстатыйаларга ааҕыахха сөп.