«Физкультурнай хамсааһын ? сылыгар ? көҕүлээһин” бырайыакка кыттыһан улуустааҕы үөрэх, култуура управленияларын үлэһиттэрэ күннээҕи үлэттэн быыс булан, эти-сиини чэбдигирдэр инниттэн, «Физкультминутка» тэрээһиҥҥэ кыттыстылар.
Хамсаныылары оҥорон көрдөрдө улуустааҕы үөрэх управлениятын специалиһа Е.Л. Дрищева.
Олорор үлэттэн чэбдигирэ, эти-сиини хамсата, настарыанньа көтөҕө, бары бииргэ хамсаныаҕыҥ, чэгиэн-доруобай буолуоҕуҥ диэн улууспут олохтоохторун, биир идэлээхтэрбитин ыҥырабыт!!!
#спортнормажизни