Уус Алдан улууһун уран уустарын “Мындыр” түмсүүтэ тэриллибитэ 10 сылынан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Киинигэр “УУС АЛДАН УРАН УУСТАРЫН ТҮҺҮЛГЭТЭ” быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта ыытылынна.
Олунньу ый 1-16 күннэригэр Уус Алдан улууһун тарбаҕар талааннаах маастардарын “Мындыр” түмсүү тэриллибитэ 10 сылынан “УУС АЛДАН УРАН УУСТАРЫН ТҮҺҮЛГЭТЭ” быыстапка турда.
Быыстапкаҕа барыта 4 айар түмсүү, 62 маастар — сүүстэн тахса ураты, уран үлэлэрэ турдулар. Манна Мүрү нэһилиэгин “Оһуор утум” туосчуттар түмсүүлэрин “Кыыс хаппахчыта”, “Мүрү оһуора” түмсүү ураты паннолара, Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Кылаан чыпчаалын ылбыт толору ат симэҕэ, “Күнү көрсүү” сиэригэр-туомугар туттуллар Тойон сэлэтэ, 30 сыл айа-тута олорор Бэрийэтээҕи “Арчы” туосчуттар түмсүүлэрин туостан үлэлэрэ о.д.а. үлэлэрэ бааллар. Олунньу ый 2 -15 күннэригэр маастардарбыт дьоҕурдарын, сатабылларын кытта үллэстэн маастар кылаастары ыытыахтара.
“Мындыр”общественнай түмсүү 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Төрүт өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун сөргүтэн, бу хайысханан салайтаран үлэлииллэр, айаллар-туталлар. Улууска уус-уран оҥоһукка араас хайысханан дьарыктанар 10 түмсүүлэр, 70-ча тарбахтарыгар талааннаах дьон бааллар.