Муус устар 13 к. СР культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствотын Ресурснай – бырайыактыыр Киинин бөлөҕө биһиги улууспутугар культура эйгэтин үлэһиттэригэр, айар куттаах дьоҥҥо маастар-кылаастары анаан ыытта.
РПКиин директора, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Михайлович ыыппыт «Формирование кадрового потенциала как условие обеспечения качества социально-культурной деятельности в организациях сферы культуры» маастар-кылааһыгар культура тэрилтэлэрин салайааччылара сырыттылар. Манна кадрдары кытта үлэ хайдах буолуохтааҕын, саҥа үлэһит кэллэҕинэ тугу гыныахтаахтарын, туох усулуобуйаны тэрийиэхтээхтэрин, хас биирдии киһиэхэ, үлэһиккэ, уус-уран самодеятельность кыттыылааҕар сыһыаны хайдах олохтуохтаахтарын, салайааччы бэйэтэ психолог буолуохтааҕын уо.д.а. ырытан кэпсэттилэр.
РПКиин специалиһа, СР государственнай сулууспатын туйгуна, СР культуратын туйгуна Дорофеева С.Е. «Подготовка и проведение протокольных мероприятий» протокольнай мероприятиелары тэрийии ирдэбиллэрин кэпсээн кулууп бары салайааччыларын, специалистарын болҕомтолорун ылыан ылла. Былаах иилиллэр, гимн тыаһыыр быраабылаларын, гербэ хайдах туттулларын туһунан уо.д.а. олус интэриэһинэй иһитиннэрии буолла диэн истээчилэр эттилэр.
Кулууп уус-уран салайааччылара, методистара, худуоһунньук-оформителлэрэ РФ театральнай деятеллэрин союһун чилиэнэ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Адамова С.С. «Режиссура театральных представлений, спектаклей. Художественное руководство в КДУ» диэн темалаах маастар-кылааһын олус болҕойон иһиттилэр, саҥаны, сонуну билэн билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥээтэ. Саргылана Саввична элбэх билиилээх, үгүс улахан таһымнаах тэрээһиннэргэ үлэлээбит дириҥ опыттаах буолан дьону интэриэһиргэтэн, өссө да үөрэммит киһи диэн баҕа санааларын эттилэр.
«Технология обработки звуковой информации», «Игра на гитаре», «Игра на баяне, «Саундчек» маастар-кылааска «Дорҕоон Дойду» творческай лаборатория салайааччыта, СР культуратын туйгуна Павлов Г.А; РПКиин сүрүннүүр методиһа, СР культуратын туйгуна Готовцев Д. Д., Олонхо театрын звукорежиссера, СР культуратын туйгуна Иванов Л.М. кулууп аккомпаниатордарын, звукооператордарын, вокальнай-инструментальнай ансамбль салайааччыларын, музыканнарын үөрэппиттэрэ сонун буолла. Дьоммут музыкальнай аппаратура, сцена уоттара холбоноллоругар, музыкальнай инструменнарга оонньуурга, компьютернай технологияны сөптөөхтүк туһанарга билиилэрин хаҥаттылар. Түмүк чааска бу маастар-кылаас кыттыылаахтара үөрэммиттэрин түмүгүн тыыннаах музыка доҕуһуолунан оонньоон көрдөрдүлэр.
Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатыгар Сардана Егоровна оҕо искусствотын оскуолатын преподавателлэрин государственнай аттестацияларыгар уларыйыылар тустарынан информацияны олус тиийимтиэ, өйдөнөр гына билиһиннэрдэ. Аттестация ирдэбилинэн докумуоннарга ханнык уларыйыылар баалларын уонна ону хайдах бэлэмниири сиһилии кэпсээн, элбэх ыйытыыларга септеех хоруйдары ылан преподавателлэр олус дуоһуйдулар, астыннылар. Коллектив үөрэх процеһыгар олус туһалаах көмөнү оҥорбутун иһин Сардана Егоровнаҕа махталларын тиэрдэллэр уонна Сардана Егоровна ессе да күүс-көмө буола турарыгар баҕа санааларын этэллэр.
Ол курдук Киин библиотекаҕа РПКиинин специалиһа, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ В. П. Стручкову-Дуулаҕа Дьуһаалы кытта олус интэриэһинэй, туһалаах көрсүһүү буолла. Виктор Павлович Эллэй, Семен Данилов уо.д.а биллэр поэттарбыт хоһоонноруттан холобурдары аҕалтаан, хоһоон хайаан да ритмнээх буолуохтааҕын, рифма арааһын туһунан кэпсээтэ, хоһоону суруйууга сүрүн ирдэбиллэри санатта. Бэйэтэ суруйбут хоһоонноруттан аахта, «Сайар сарыал» диэн айар куттаахтар түмсүүлэрин салайарын туьунан кэпсээтэ, кинилэр хоһооннорун түмэн хомуурунньуктары таьаартарбытын көрдөрдө, айар куттаахтар ыйытыыларыгар эппиэттээтэ. Хоһоон суруйааччыларга сүбэ-ама биэрэргэ бэлэмин биллэрдэ. Түмүккэ «Сахалыы ыраастык саҥар» диэн 1500 тыллаах бэйэтэ оҥорбут билиҥҥи кэмҥэ олус тоҕоостоох, наадалаах тылдьытын билиһиннэрдэ. Онон бүгүҥҥү керсүһүүттэн айар куттаах биир дойдулаахтарбыт олус астынан, билии-көрүү эбинэн, айарга-тутарга кынаттанан тарҕастылар.
Бороҕоннооҕу улуус историятын музейын үлэһиттэригэр Дорофеева Сардана Егоровна культурнай тэрээһиннэри ыытыы сүрүн ирдэбиллэрин билиһиннэрдэ. Ол курдук чуолаан музейга ыытыллар төгүрүк остуоллар, семинардар, юбилейнай тэрээһиннэр ыытыллыыларын бэрээдэгин сырдатан, бэйэтин улэтин уопутуттан уллэстэн, субэлээн барбытыгар музей коллективын аатыттан махталларын тиэрдэллэр.
Маны тэҥэ, маастар-кылаастар программаларын чэрчитинэн ССРС культуратын туйгуна, РФ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС, РСФСР, СР үөрэҕириитин туйгуна Василий Степанович Парников салайар «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбыла, Россия образцовай үтүөлээх коллектива инники сайдар дьылҕатын, В.С. Парников аатынан республикатааҕы оҕо музыкальнай хоровой оскуолатын тэрийэр туһунан боппуруос улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Борисов Михаил Васильевич салайааччылаах улуус мунньаҕар ырытылынна.
Убаастабыллаах Михаил Михайловичка, маастар — кылаастары салайан ыыппыт Ресурснай- бырайыактыыр киин специалистарыгар Сардана Егоровнаҕа, Саргылана Саввичнаҕа, Виктор Павловичка, Герасим Афанасьевичка, Дмитрий Дмитриевичка, Олоҥхо театрын звукорежиссера Леонид Моисеевичка Уус -Алдан улууһун культураҕа управлениетын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бу үөрэх дьоммутугар уопсай үлэни салайан, тэрээһиннэри сөптөөхтүк тэрийэн ыытарга олус туһалаах. Инникитин даҕаны культурабыт үлэтэ тупсарыгар, сайдарыгар бу үтүө саҕалааһын салҕанан барыаҕа, Ресурснай-бырайыактыыр Киини кытта бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит.