Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ түөлбэ оһуохайыгар болҕомтоҕутун уурун, бэйэҕит уратыгытын көрдөрүн диэн ирдэбил турда.
Бүгүн “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай кииҥҥэ Уус Алданныы оһуохайга маастар кылаас ыытылынна. СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ хас да сыллаах чинчийиитинэн Уус Алданныы оһуохай араастарын туһунан сырдатта. Манна Марк Жирков уонна Мария Жорницкая экспедицияларыгар, аҕа саастаах дьоммут ахтыыларыгар олоҕуран, архыыптарга сылдьан 3 кинигэни таһаарбыта, ол сүнньүнэн иһитиннэрии оҥордо.
Олоҥхо Дьиэтин фольклорга специалиһа Ньургуйаана Никитина улууспут 5 араас оһуохайын ыччаттарга үөрэтэн, маастар кылааһы ыытта. Манна былыргылыы үҥкүүнү Лөгөй орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Бурнашев, хайҕатар оһуохайы – Кэптэни сынньалаҥ киинин специалиһа Андрей Никитин, Баатаҕайдыы оһуохайы – “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын специалиһа Елена Жиганюк, Уус Алданныы матыыбы Ньургуйаана Никитина уонна Найахылыы оһуохайы Найахы орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Татьяна Рожина көрдөрдүлэр.
Кэлбит дьон улууспут оһуохайын үөрэтиэхпит, элбэҕи биллибит диэн астыннылар.
Улууспут түөлбэ оһуохайдарын үөрэтиэҕин, тарҕатыаҕын, көҕүлүөҕүн!