Кулун тутар 18 күнүгэр Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин уонна лингвист — учуонай С.А. Новгородов 130 сылынан «ЧАРААС СЫТЫЫ ЧАБЫРҔАХПЫТ ЧАҤЫЙДЫН» М.А. Герасимова — Сэҥээрэ бирииһигэр чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас күөн күрэстэрэ Чурапчы сиригэр буолан ааста. Күөн күрэскэ уопсайа 143 кыттааччы кыттыбытыттан биһиги улуустан Олоҥхо дьиэтин специалиһа Ньургуйаана Никитина 2 миэстэни уонна А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айыымньытын «Чобуо» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө (сал. Аржакова М.И.) биһирэбил бириискэ тиксэн кэллилэр. «Чурапчыга ыытыллыбыт күрэххэ баран араас коллективтары көрөн дуоһуйа астынан, сэргэхсийэн кэллибит. Бэйэбитигэр элбэҕи иҥэриниэхпит,»- диэн санааларын үллэстэллэр «Чобуо» бөлөх чабырҕахсыттара.
Биллэн турар уһун олоруу кэннэ күрэскэ тус баран кыттыы сыралаах үлэттэн тахсар, онон түгэнинэн туһанан, Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын «Чобуо» чабырҕахсыттар бөлөхтөрүгэр махталбытын аныыбыт уонна ситиһиилээх кыттыыларынан эҕэрдэлиибит. Улууспут фольклор жанрдарыгар үлэлэһэр бары коллективтары ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылан толорор маастарыстыбаны салҕыы сайыннарарга ыҥырабыт.