«Уран иэйии, талба талаан түһүлгэтэ» норуот уус-уран оҥоһуктарын көрүүгэ барыта 31 маастар кыттыыны ыллылар. Манна кылтан-сиэлтэн, туостан, кыбытан тигии, быысапка оҥоһуктара, мас чорооннор, ат симэ5э бааллар. Кыттыыны ыллылар Бээрийэттэн Екатерина Васильева, Ньургуйаана, Прасковья Васильевалар, Найахы “Симэхтэр” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ (сал. Гоголева Х.И.), Дүпсүнтэн кылтан-сиэлтэн өрүү маастара Пелагея Соловьева, сарыы этэрбэһи тигээччи Александра Босикова, кыбытан тигиигэ Мүрүттэн Анна Бурнашева, Зинаида Попова, Мария Атласова, Кэптэниттэн Анастасия Никифорова, «Уран Иис» түмсүү (сал. Е. Д. Копырина), мас чороон уустара 1 Хороттон Владимир Егоров, Мичил Бурцев, Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйэр Тойон сэлэ оҥоһуктарын маастардара Мария Петрова -Хоро, Ольга Томская — Бээрийэ, өбүгэ үгэстэринэн иистэниигэ Алдана Егорова – Мүрү.
Икки күннээх күрэс түмүгүнэн кыл-сиэл оҥоһуктарга «Ситэри тупса5ай оҥоһук» анал аат Мария Петрова, 2 үрдэл буолла Маргарита Пестерева (Найахы нэһилиэгэ), «Бастыҥ көстүүлээх оҥоһук» анал аат Прасковья Васильева (Бээрийэ нэһилиэгэ) ыллылар.
Тимир уустарыгар «Хоҥкунуур хомуспут охсулунна» күөн — күрэскэ «Бастыҥ дизайн» анал аат Петр Олесов (Өлтөх нэһилиэгэ), «Бастыҥ болгуо — саха быһа5а» күөн-күрэскэ 2 үрдэл Илья Готовцев (Байаҕантай нэһилиэгэ).
Чороон уустарын күөн-күрэһигэр 3 үрдэл Владимир Егоров, 1 миэстэ Мичил Бурцев буоллулар.
«Бастыҥ оҥоһуулаах ох саа» күрэҕэр 1 миэстэ Семён Петров (Хоро нэһилиэгэ),
«Олоҥхо ыһыаҕын маанылаах таҥаһа» күөн-күрэскэ сөргүтүү таҥастарынан «Кылаан чыпчаал» буолла Алдана Егорова (Мүрү нэһилиэгэ).
«Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэ5э» күөн-күрэскэ үрүҥ көмүстэн ат толору симэҕин оҥорон Кылаан чыпчаал ааты ылла «Мындыр» түмсүү (маастардар Прокопий Колодезников, Екатерина Бочкарева, Елена Слепцова, Татьяна Дегтярева, Марфа Васильева).