Улуу Олоҥхоһуттар үгүс көлүөнэ дьонун үөскэтэн – төрөтөн уһун үйэлэргэ аатырыан аатырпыт, суон сурахтарын сураҕырпыт – саха түөлбэлээн олорор олоҥхо биһигэ – Уус-Алдан улууһугар ОЛОҤХО ДЕКАДАТА тэрээһиннэхтик ыытылынна.

Сэтинньи 25 – ахсынньы 1 күннэригэр улуус бары нэһилиэктэринэн улуустааҕы кииннэммит библиотека тэрийиитинэн “Иннокентий Васильевич Пухов уонна олоҥхо” – онлайн викторина,  “Олоҥхо дьыктаана” ыыттылар.

Сэтинньи 25 – ахсынньы 3 күннэригэр улуус оскуолаларынан, оҕо уһуйааннарынан олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэри ыыттылар.

Сэтинньи 25 – ахсынньы 3 күннэригэр Бороҕоннооҕу оҕо искусство оскуолата «Олоҥхо оҕо хараҕынан» уруһуй күрэһин ыытта.

Сэтинньи 26  күнүгэр Бороҕон сэл. Олоҥхо декадатын үөрүүлээх арыллыыта  буолбута.

Сэтинньи 27 күнэ  — Арыылаах бөһүөлэгэр «Аартыктарынан айан» бырайыак кыттыылаахтара сырыттылар. Тойукка, олоҥхоҕо, оһуохайга, хомуска, кыбытан тигиигэ, кылга-сиэлгэ, сахалыы сон тигиитигэр, быһах, хомус, ох саа оҥоруутугар маастар-кылаастары ыыттылар.

Сэтинньи 26 күнүгэр Бороҕон сэл., Олоҥхо Дьиэтигэр ОЛОҤХО ДЕКАДАТЫН үөрүүлээх арыллыыта буолла.

  • Быыстапкалары билиһиннэрии:

—  И.В.Пухов суругунан нэһилиэстибэтиттэн билиһиннэрдилэр  Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай музей научнай сотруднига Ньургуйаана Викторовна Халгаева, В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан литературнай музей-комплекс директора Зоя Васильевна Мигалкина;

—  “Олоҥхо биһигэ – Уус-Алдан” быыстапканы билиһиннэрдэ С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека отделын сэбиэдиссэйэ Ольга Николаевна Павлова;

— Быйыл Нам улууһугар  ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар биһиги улууспут уран тарбахтаах уустарын  быыстапката кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта. Манна бастыҥ маастардарбыт үлэлэрэ турдулар, билиһиннэрдэ культура управлениетын норуот айымньытын сайыннарар отдел специалиһа Матрена Николаевна Герасимова.

  • Республикаҕа Олоҥхо декадата ыытылла турарынан уонна Нам улууһугар ыытыллыбыт 13-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ улууспут баһылыга Алексей Васильевич Федотов. Норуоппут төрүт үгэһэ, фольклора, Олоҥхо сайдарын туһугар аҕа баһылыкпыт дьаһалынан 2017 сылтан улууспутугар Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылаахтарын чиэстээһин ыытыллар. Биир дойдулаахтарын иннилэригэр улуустарын аатын ааттаппыт дьоммут ааттара дорҕоонноохтук ааттанан өссө кыайыыга кынаттанан сайдан иһэллэр. Ол курдук быйыл 2 — Чыпчаал аат, 4 — 1 үрдэл, 5- 2 үрдэл, 5 – 3 үрдэл уонна 9 – анал ааты ылары ситиспиппит.

Улууспутугар үһүс сылын Олоҥхо Ассоциациятын комиссиятын быһаарыытынан «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы», «Олоҥхону бастыҥ уһуйааччы» анал бириэмийэлэри туттарабыт. Олоҥхо Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Михаил Васильевич Борисов «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» анал бириэмийэни Бэйдиҥэтээҕи А.А.Петров аатынан норуот айымньытын дьиэтин методиһыгар Антонина Анатольевна Лугиноваҕа, «Олоҥхону бастыҥ уһуйааччы» анал бириэмийэни Тулуна орто оскуолатын алын сүһүөх учууталыгар Татьяна Ивановна Дегтяреваҕа туттарда.

Улуус культураҕа управлениетын начальнига Иннокентий Иннокентьевич Аммосов истиҥ эҕэрдэ тылларын эттэ уонна биир бастыҥ олоҥхону уһуйааччыбытыгар Зинаида Петровна Лугиноваҕа “СӨ норуот айымньытын сайыннарыыга киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэни туттарда.

  • Олоҥхону быһа тардан иһитиннэрдилэр СӨ Ил Дарханын Олоҥхо иккис уон сылын тэрийэн ыытар национальнай комитетын «Олоҥхону бастыҥ оҕо толорооччу» бириэмийэ 2019 с. лауреата, Лөгөй орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Егор Копырин, салайааччыта З. П. Лугинова уонна быйыл оҕус көлөнөн улууспут хоту нэһилиэктэринэн сылдьан Олоҥхону билиһиннэрбит Хоро нэһилиэгиттэн олоҥхону толорооччу Афанасий Петрович Бурцев.
  • Олоҥхо ыһыахтарын  кыайыылаахтарын эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.

Сэтинньи 28 күнэ – 4-с республикатааҕы «Битва в стиле Олонхо» экспериментальнай күрэскэ Лөгөй орто оскуолатын «Кулуһун» бөлөх  оҕолоро кыайыылаах үрдүк аатын ылан кэллилэр.

Сэтинньи 29 күнэ – Бороҕоннооҕу улуус историятын музейа «Көмүлүөк тула» тэрээһини ыытта.

Сэтинньи 30  күнэ  — Баатаҕай бөһүөлэгэр

  • «Олоҥхону толорууга утумнаахтык» оскуола оҕолоругар олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууга күөн-күрэс;
  • “Кылыһах” Саха Өрөспүүбүлүкэтин образцовай фольклорнай коллективын төрүттээччини, тэрийээччини, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталын Вера Иннокентьевна Троеваны 75 сааһынан үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

Ахсынньы 3  күнэ

«Сахаттан маҥнайгы эпосовед» — филологическай наука хандьыдаата, Саха АССР наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ И.В.Пухов төрөөбүтэ 115 сылынан тэрээһиннэр:

  • Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар, Мүрү 1, 2 №-дээх оскуолаларыгар И.В.Пухов аатынан Окоемовка ситэтэ суох орто оскуолатын сайыҥҥы экспедициятын түмүгүнэн  «Пуховскай десант»;
  • Бороҕон сэл., “Түһүлгэ” култуура уонна духуобунас киинигэр:

“Сахаттан маҥнайгы эпосовед”  төгүрүк остуол тула санаа атастаһыыта.

[meta_gallery_slider id=»3316″]