Бэс ыйын 26 күнүгэр улуус культуратын бэтэрээннэрэ Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр тахсан биир идэлээхпит, СР культуратын туйгуна Александр Петрович Иванов аатынан норуот айымньытын киинигэр сылдьан кулууп, библиотека ыытар үлэлэрин билистибит, бэтэрээннэр санааларын үллэһиннилэр, сүбэ-ама биэрдилэр. Культура бэтэрээннэрин нэһилиэк баһылыга Илья Прокопьевич Ильин көрүстэ. Бэтэрээннэр эдэр киһиэхэ, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕар, дьонун-сэргэтин итэҕэллэрин ылан нэһилиэк баһылыгынан талыллыбыт эппиэтинэстээх үлэтигэр ситиһиилэри баҕаран туран истиҥ тыллардаах эҕэрдэ сурукпутун уонна улуус культуратын историятын кэпсиир кинигэни алгыс тылларын этэн туран туттардыбыт. Салгыы айылҕа маанылаах сибэккитэ сардаана сибэкки үүнэр алааһыгар айылҕаҕа тахсан сынньанныбыт. Сыырдаах кулуубун уус-уран салайааччыта Анна Неустроева, культура бэтэрээннэрин Сэбиэтин чилиэнэ Александра Портнягина бэлэмнээбит оонньууларыгар көхтөөх кыттыыны ылан үөрдүбүт-көттүбүт. Бу барыыбытыгар күүс-көмө буолбут управлениебыт начальнигар, эдэр салайааччыбытыгар Сергей Сергеевич Нафанаиловка махталбытын биллэрэбит.