Саха Республикатын Ил Дархана Айсен Николаев тус дьаһалыгар олоҕуран биир кэлим Олоҥхо дьиэлэрин тэрийиигэ анал үп көрүллэн тыырылынна.
Улууспутугар кэмигэр сөптөөх дьаһал ылыллан, улуустааҕы «Олоҥхо» этно-культурнай киинэ 4 498 200 солкуобай суммалаах анал граны ылары ситистэ.
Грант этнокультурнай киин материальнай-техническай базата бөҕөргүүрүгэр, ону сэргэ Дмитрий Говоров — Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар анаан «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхону Олоҥхо тыйаатырын кытта испиктээкил туруорууга ананыаҕа.
Улуустааҕы «Олоҥхо» этно-культурнай киин.