«Удьуор утум» түмсүү айар быыстапката улуус историятын түмэлигэр ахсынньы ый 9 күнүгэр үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу быыстапка 10 күн устата туруоҕа. 2014 сыллаахха улууспут нэһилиэктэрин кылдьыттара түмсэн «Удьуор утум” түмсүү тэриммиттэрэ. Түмсүүгэ киирбиттэрэ Баатаҕай, Найахы, Бээрийэ, Хоро, Мүрү, Өнөр, Курбуһах, Дүпсүн, 1 Хоро нэһилиэктэриттэн кылынан, сиэлинэн дьарыктанааччылар. Тэриллибит сылларыттан саҕалаан араас таһымнаах быыстапкаларга, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик, саха норуотун төрүт дьарыгын кылынан сиэлинэн өрүүнү пропагандалаан кэллилэр. Түмсүү өбүгэ үгэһин сөргүтүүнэн күүскэ үлэлиир.
«Удьуор утум» түмсүү 19 чилиэннээх. Кинилэр 8 сыл иһигэр үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээннэр, оҥорор таһымнара үрдээн, элбэх быыстапкаларга кыттан билигин 1 СӨ норуотун маастара, 9 СӨ уус уран оҥоһук маастардара , 1 Уус-Алдан улууһун норуотун маастара үрдүк ааты ылаллары ситистилэр. Тэрээһиҥҥэ Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччыта Михаил Васильевич Борисов эҕэрдэ тылын эттэ уонна Уус-Алдан улууһун социальнай экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэни туттарда Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарыгар Петрова Мария Егоровнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара диэн бэлиэни туттарда Гоголева Харитина Ивановнаҕа. Улуус култуураҕа управлениетын начальника Иннокентий Иннокентьевич Аммосов эҕэрдэ, махтал тылларын тириэртэ.