Россияҕа культурнай нэһилиэстибэ, Саха АССР тэриллибитэ 100, Саха сиригэр Ийэ, улууска патриотизм, нэһилиэккэ дьиэ кэргэн сылларынан кулун тутар 18 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр, «Түмэн» этно-культурнай кииҥҥэ СР уус-уран оҥоһуктарын маастара Людмила Ивановна Данилова 75 сааһынан «Төрүт ииһим, төрүт үгэһим» бастакы айар быыстапкатын туруорда. Быыстапкаҕа Людмила Ивановна төрүт үгэһи сөргүтэн оҥорбут атын толору симэҕэ, туостан ыаҕайалар, маллаах иһиттэр, саламалар, «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн ааттаах композицията турдулар. Кэлин сылларга Людмила Ивановна аны хартыына уруһуйдаан, туойтан кыра көмүлүөк оһохтору, араас иһиттэри оҥоруунан дьарыктанар эбит. Быыстапкаҕа турдулар кыыһын Саргылана Гаврильевна Кыыс Хаппахчытыгар тикпит фрагмена, сиэннэрин харандааһынан, маслонан уруһуйдаабыт хартыыналара. Людмила Ивановна айар быыстапкатын ситэрэн биэрдилэр үөрэнээччилэрин Людмила Михайловна Николаева, Люба Готовцева туостан тикпит иһиттэрэ уонна «Алаас Хотуна» түмсүү үлэлэрэ. Людмила Ивановнаны бу үөрүүлээх күнүнэн үөрүүтүн үллэстэ, эҕэрдэлии кэлбиттэр Баатаҕай нэһилиэгин дьаһалтата, «Мындыр» улуус уран уустарын түмсүүтэ (сал. Аммосов И. И.), «Удьуор утум» улуус кылдьыттарын түмсүүтэ (сал. Петрова М. Е.), Найахыттан «Симэхтэр» түмсүү (сал. Гоголева Х. И.), өр сылларга бииргэ үлэлээбит Баатаҕайдааҕы «Күнчээн» оҕо уһуйаанын коллектива, «Алаас Хотуна» түмсүү (сал. Бурнашева А. П.) уонна биир дойдулаахтара. Биир интэриэстээх, иис-уус дьарыктаах киһилэригэр бэйэлэрин үтүө баҕа санааларын тиэртилэр СР норуотун маастардара Варвара Тихоновна Васильева, Мария Семеновна Атласова, Семен Семенович Петров, СР уус-уран оҥоһуктарын маастара Петр Дмитриевич Куличкин-Быйаман Уус. Нэһилиэк экспертнэй сэбиэтин быһаарыытынан Людмила Ивановнаҕа «Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» уонна төрөппүт кыыһыгар Саргылана Гаврильевнаҕа «Баатаҕай нэһилиэгин норуотун маастара» ааттары ытыс дохсун тыаһынан, үөрүүлээх быһыыга баһылык Михаил Белолюбскай туттарда. Төрүт үгэспит сайдарын, тыыннаах хааларын туһугар ис дууһаларыттан үлэлиир үтүө дьоммут сыаналана, чиэстэнэ турдуннар. Кинилэр айан, сөргүтэн таһаарбыт үлэлэрэ үйэттэн үйэҕэ бара туруохтун.