“ТӨРҮТ ДОРҔООН ТОЙУГА”

Бүгүн, олунньу ый 21 күнүгэр “Олоҥхо” этнокультурнай кииҥҥэ Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын “Төрүт култуура” салаатын 4 курсун устудьуона, норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы фестиваллар кыайыылааҕа, “Эйгэ” сиэргэ-туомҥа ыччат народнай театрын кыттыылааҕа ЧЭМЭЛИИНЭ АТЛАСОВА практикатын түмүктүүр “ТӨРҮТ ДОРҔООН ТОЙУГА” сахалыы доҕуһуоллаах кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Кэнсиэргэ барыта улууспут 11 фольклорнай бөлөҕө, 104 киһи кыттыыны ыллылар.
Чэмэлиинэ практикатын кэмигэр фольклор араас көрүҥнэригэр бэйэтин билиитин, сатабылын көрдөрөн Тулунаҕа, Уус-Күөлүгэр, Майаҕаска, Чараҥҥа, Уолан Гимназийаҕа, Мүрү 1 нүөмэрдээх оскуолатыгар, Уус Алданнааҕы реаблитационнай кииҥҥэ маастар-кылаас ыытта. Ону тэҥэ улууспутугар ыытыллыбыт культурнай тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылла.
Инникитин дэгиттэр талааннаах кыыспытыгар ситиһиини, дипломнай үлэтин үрдүк таһымҥа туттарарыгар баҕарабыт!