Кулун тутар 31 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ общественноһын мунньаҕын чэрчитинэн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатыр дьиэтигэр Олоҥхо дьиэлэрин ситимигэр анаммыт «Түмүү-төрүт үгэс тосхоло» сүбэ мунньах буолла. Кыттыыны ыллылар Ньурба, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ-Бүлүү, Өймөкөөн, Нам, Горнай, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Өлөөн, Чурапчы, Кэбээйи, Өлүөхүмэ улуустарын, Нерюнгри, Дьокуускай куораттан Олоҥхо дьиэлэрин, культура үлэһиттэрэ, итэҕэлгэ үлэлиир общественнай түмсүү чилиэннэрэ, индивидуальнай предпринимателлэр.