Сэтинньи 25 күнэ – ОЛОҤХО күнэ!

Тоҕус добун халлааннаах
Туруу бараан дойдуга
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы дьонун арчылыыр.
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күнүм дьонун көмүскүүр
ОЛОҤХОБУТ сайынна,
Аан дойдуга билиннэ!
УРУЙ-АЙХАЛ! АЙХАЛ-МИЧИЛ!

Иннокентий Сыроватскай-Дүөндүн.

Сэтинньи 25 күнэ – ОЛОҤХО күнэ!

Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүкү чыпчаала ОЛОҤХО!!!
Улууспут олохтоохторун ОЛОҤХО күнүнэн эҕэрдэлиибит!!!
Олоҥхо курдук баай ис хоһоонноох олохтоох буолуҥ!!!

Саха норуотун аан дойду туһунан өйдөбүлүн, духуобунай сыаннаһын, төрүт итэҕэлин уонна үгэһин, тылын уонна култууратын баайа түмүллүбүт дириҥ ис хоһоонноох олоҥхобут орто дьаҕыл дойдуга уруйдана туруохтун!!!

⚜️                                  ⚜️                                  ⚜️                                   ⚜️                                    ⚜️

error: МБУ \"Усть-Алданское управление культуры\"