Сайылыкка түптэ буруота унаарда

Саха сиригэр аан бастакынан Ньукуолун күн сайылыкка тахсыы күнэ бигэргэнэн ,Сайылык күнүн чэрчитинэн, ыам ыйын 29 күнүгэр ,түптэ буруо сыттаах,тиит мас тулалаах, эгэлгэ сибэккинэн симэммит,үрүҥ илгэни үрүлүтэр , киһи барыта ахтар — саныыр Арыы — Тиит сайылыгар айылҕа барахсан анаан оҥорон кэбиспит ,сырдык күннээх күнүгэр сайылык күнүн бэлиэтээтибит.Кэрэ айылҕабыт уһуктан,үөр чыыычаах саҥатынан сайылыкпыт киирии аартыгар салама ыйааһынын сиэрэ — туома ыытылынна.Салгыы сахалыы таҥастаах ,тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өр сылларга үлэлээбит ,үтүө — мааны ветераннарбыт,күн бүгүҥҥэ диэри үлэҕэ бэриниилээх ,ирдэбиллээх ,олоххо үтүө — сайаҕас сыһыаннаах ,туруу үлэһит дьоммут сайбаччы  сэлэлии хааман киирдилэр, дьон — аймах үөрүүлэринэн, сайылык оҕолорун кэрэ мичээрдэринэн, сайылык иһэ туолла.Саһылыкаантан үрүҥ илгэни үрүлүппүт, дьоһун саастаах  ветераннарбыт кэлэннэр үөрүүбүт өссө үрдээтэ.Кэлбит бары ыалдьыттары арыылаах алаадьынан,кыынньар кымыһынан күндүлээтилэр Көрөргө үчүгэйиин,кэрэтиин !Сайылыкпыт дьиэлээх тойоно сиригэр — дойдутугар анаан ,уот оттон,сир дойду иччилэриттэн көрдөһөр алгыһы оҥордо киэн туттар,үлэһит үтүө киһибит,Хоноҕор биригээдэтин бастыҥ ыанньыксыта,сүөһү иитиитин бастакы кылаастаах маастара,коммунистическай үлэ ударнига ,онус пятилетка эдэр гвардееһа,С.Ө.тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына Василий Сергеевич Татаринов ис иһиттэн иэйэн туран оҥордо.

Сайылык күнэ диэн бэлиэ баар буолбутунан,үлэһит үтүө дьонугар эҕэрдэ  тылы эттэ : эдэр сааһыттан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар күүскэ үлэлэспит ,Суотту нэһилиэгин аҕа баһылыга ,С.Ө.тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Иннокентьевич Иванов   дьонун — сэргэтин ортотугар үөрүүлээх быһыыга , 40 — тан тахса сыл сүөһү иитиитигэр үлэлээбит,билигин төһө да пенсияҕа таҕыстар,сайын аайы тапталлаах сайылыгар тахсан,чааһынай ынахтарын ыан,үүт туттаран,ыанньыксыт кыргыттарыгар өрүү сүбэлиир,күүс көмө өйөбүл буолар ,үтүөкэн үлэһиккэ Василий Сергеевич Татариновка Суотту нэһилиэгин бочуоттааах олохтооҕо диэн анал бэлиэни дохсун ытыс тыаһынан туттарда.Бу күҥҥэ туһаайан үбүлүөйдээх дьоммутугар Наталья Прокопьевна Новгородоваҕа — 60 сааһынан уонна  уонна Леля Николаевна Гоголеваҕа — 50 сааһынан Суотту нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын , общественноһын аатыттан эҕэрдэ суругу уонна сэмэй бэлэхтэри туттарда.

Василий Иннокентьевич ааспыт кэм сайылык үлэтин ,олоҕун дьаһаҕын ис — иһиттэн истиҥник  кэпсээн ,оччотооҕу көлүөнэ дьоно астынан үөрэн иһиттилэр.Эҕэрдэ тыллары эттилэр: СПК » Лена» бэрэссэдээтэлэ Мираслав Анатольевич Черкашин уонна тыа хаһаайыстыбатын сүрүннүүр специалиһа,С.Ө.тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Зоя Терентьевна Заровняева  үлэлии сылдьар үлэһиттэргэ уонна ветераннарга эҕэрдэ анал суруктары туттардылар уонна эҕэрдэ ырыатын бэлэх уунна.Суотту агрохайысхалаах орто оскуола аатыттан С.Ө.тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Варвара Егоровна Румянцева эҕэрдэлээтэ.

Самаан сайыммыт салаллан кэлбитинэн,күөххэ үктэммиппитинэн , кутаа уокка буспут үрүҥ ис миинэ,эт миинэ толору астаах сандалы остуолга  бары бииргэ олорон аһаатыбыт.Ырыа кэһиилээх кэллилэр «Ымыы » түмсүү, «сал.Гаврил Гаврильевич Мигалкин» Илгэ «фоль.ансаамбыл сал.Лидия Васильевна Пермякова ,Уус — Алдан улууһун ветеран ырыаһыта,ырыа айааччыта,тыыл,үлэ ,сцена бэтэрээнэ, «Илгэ» фолк.ансаамбыл тутаах ырыаһыта  Мария Дмитрьевна Федорова уонна ырыаһыт Лена Заровняева .

Бүгүҥҥү бырааһынньыкпыт саамай күүтүүлээх «Сайылык «диэн күрэх буолар.

Бу күрэххэ үс киһилээх түөрт хамаанда кытынна ол курдук Хоноҕор аатыттан » Кэскил» ыччат — комсомольскай ферма диэн,Суотту аатыттан «Чэчир» ,» Школа производство ВУЗ» 11-с пятилетка ударниктара,Суотту агрохайысхалаах оскуола аатыттан Ала — Соболоох сайылыктан ,» Сайылык ньургуһуннара» уонна Саһылыкантан үрүҥ илгэни үрүлүппүт,үлэ ветераннара » Туйма» күрэх бэйэни билиһиннэрииттэн ,эҕэрдэ ырыаларынан саҕаланна,салгыы тэбис тэҥҥэ алаадьы астааһына уонна күөрчэх ытыйыыта уонна дьэ күрэхпит саамай үөрүүлээҕэ ,тыҥааһыннааҕа ,ньиирэйдэри киэргэтии,симээһин ,таҥыннарыы буолла.Бастаан соһуйан туора — маары ыстаныы,онтон уоскулан ,ким хайдах сатабылынан буолла ,дьэ көр бөҕөтө буолла, ол курдук мотуруос таҥастаах ньиирэйдэннибит,аһара киэргэллээх икки кыыс ньиирэйдэнэн кэллибит.Салгыы хаартыскаҕа түһүүлэр буоллулар ,бэртээхэй күрэх буолан бары үөрдүбүт,астынныбыт.Бу күрэҕи эрдэттэн бэлэмнээн ,тэрийэн ыытта «Мичээр » с/к.уус — уран салайааччыта,С.Ө.культуратын туйгуна Устинья Борисова.Салгыы биирдиилээн араас күрэхтэр буоллулар:самовар өрүүтэ,сымыыт харсыһыннарыыта, скакалка күрэҕэ,үтүлүктээх таҥаһы тимэхтээһин ,сайылык оонньуулара.Маастар кылаастар ыытылыннылар.Ирэ — хоро кэпсэтэн , ааспыт кэмнэрин ахтан санаан ыллылар.

Дьэ ,бу курдук бастакы сайылык күнүн бэрт сэргэхтик ыытан ,кэлбит ыалдьыттарбыт ,ветераннарбыт үөрэн астынан ,махтанан бардылар.Суотту нэһилиэгин администрациятыгар,СПК «Лена»,СХПК «Туйма» салайааччыларыгар уонна культура үлэһиттэригэр махтал!Хороҕор муостаах үксүү,сыыспай сиэллээх элбии турдуннар,баай — байылыат олоҕу баҕарабыт!

Автор: Валентина Бубякина,культура үлэһитэ.

Суотту нэһилиэгэ, ыам ыйын 29 күнэ,2019 сыл.

[meta_gallery_slider id=»2514″]