Олоҥхо уонна Хомус Декадата саҕаланна

Сэтинньи ый 21 күнүттэн ахсынньы ый 3 күнүгэр дылы улууспутугар Олоҥхо уонна Хомус Декадата саҕаланна.
Бүгүн Уус Алдан улууһугар бөдөҥ государственнай, общественнай деятель, бэйиэт, публицист, очеркист, оҕо олоҥхотун айааччы, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата С.С.Васильев-Борогонскай 115 сылынанОлоҥхо, Хомус декадатын үөрүүлээх аһыллыыта “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай кииҥҥэ ыытылынна.
Манна “Олоҥхо биһигэ – Уус Алдан” кинигэ, “Олоҥхо-оҕо хараҕынан” уруһуй быыстапкалара турдулар. Кэлбит дьону арыылаах алаадьынан, көөнньүрүллүбүт быыппаҕынан Үһүс саас оскуолатын, чөл олоҕу көҕүлүүр “Сэдэгэр” түмсүү (сал.Басыгысова И.К) көрүстэ.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһын арчы иэйиилээх ырыатынан “Иэйии”, “Күндүүнэ” ансамбыллар арчылаатылар.Олохтоох автордарбыт Иннокентий Сыроватскай тылларыгар уонна Василий Парников мелодиятыгар “Олоҥхо ыһыаҕа” Гимнысүһүөххэ туран иһиттибит. Үөрүүлээх аһыллыыбыт биир кэрэхсибилэ улуус культуратын эр дьоно Галина Иванова-Айтыына суруйуутугар “Уус Алдан урааҥхай уутуйан үөскээбит дойдута” олоҥхонон дьүһүйүүнү толордулар.
Улуустааҕы “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай киин саха төрүт култууратын харыстыыр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ чөл туруктаах тиэрдэр, сайыннарар сыаллаах-соруктаах үлэтин өйөөн, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов Олоҥхо дьиэтин ис бараанын тупсаран оҥорууга 2 мөл. суммалаах сертификаты туттарда.

Улуустааҕы Олоҥхо Ассоциациятын быһаарыытынан “Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы” Иванова Галина Никитична – “Элэмэс аттаах Эрэли Бухатыыр” кинигэ-олонхо, “Уус Алдан урааҥхай уутуйан үөскээбит дойдута” олоҥхонон дьүһүйүү ааптара, педагогическай үлэ ветерана, Российскай Федерация журналистарын Сойууһун чилиэн, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Уус Алдан улууһун, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо уонна “Олоҥхону бастыҥ уһуйааччы”Охлопкова Ирина Федоровна – Тулуна орто оскуолатын алын сүһүөҕүн учуутала, “Түһүлгэ” фольклорнай бөлөх салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы олоҥхо көрүүлэрин кыайыылаахтара анал бириэмийэ хаһаайыттарынан буоллулар. Саха төрүт культурата сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин тэҥҥэ үлэлиир дьоммут-сэргэбит үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэннилэр.

Үһүс саас оскуолатын “Айар иис” түмсүүтэ (сал. Галина Охлопкова) “Олоҥхо Дьиэтэ”этнокультурнай кииҥҥэ кырадаһынынан тикпит панноларын бэлэх оҥордулар.

Олоҥхо, Хомус декадатын үөрүүлээх аһыллыытыгар Сергей Васильев – Борогонскай хоһооннорунан литературнай дьүһүйүүнү Сергей Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотека “Уран тыл алыба” түмсүүтэ(сал.Марианна Федотова), Бээрийэ нэһилиэгиттэн “Алаһа” үҥкүү бөлөҕө(сал.Анастасия Васильева), Баатаҕай нэһилиэгиттэн “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоттон быһа тардыыны – ини-бии Белолюбскайдар удьуордара (сал. Светлана Готовцева), Н.Сафонов-Дьырылы “Чаҕылытта Бэргэн” олоҥхону — улуус олоҥхоҕо уһуйааччылара, “Куйаар” хомусчуттар бөлөхтөрө (сал.Ньургуйаана Никитина), Дүпсүн нэһилиэгиттэн “Кэскилээнэ” чабырҕахсыттар бөлөхтөрө (сал.Светлана Щергина), дэгэрэн ырыаны Андрей Никитин, оһуохайы Даниил Атласов, Ньургуйаана Никитина толордулар.

Улууспут олохтоохторо, Олоҥхо, Хомус декадатын тэрээһиннэригэр көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!