Олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр

1993 сыллаахха балаҕан ыйын 9 күнүгэр Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр ыытыллыбыт олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров төрөөбүтэ 145  сылыгар аналлаах тэрээһиннэр. Культура управлениетын фондатыттан.

Кыттыыны ылаллар:

  • олоҥхону чинчийээччи, ф.н.к. Петр Никифорович Дмитриев, П.Ойуунускай аатынан литературнай музей үлэһитэ Декабрина Иванова, олоҥхоһуттар Кирилл Викторович Никифоров, Николай Калинович Шамаев, олоҥхону толорооччу Владимир Дмитриевич Данилов,  РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Гаврил Гаврильевич Колесов, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин специалиһа Николай Константинович Окоемов, биир дойдулаахпыт, тойуксут Роман Яковлевич Егоров кыттыылаах  тэрээһин, Бэйдиҥэ кулууба.
  • Д.М.Говоров төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах сэргэ туруоруута. Бэйдиҥэ бөһүөлэгэ. Кыттыыны ылаллар республикаттан, улуустан олоҥхону чинчийээччилэр, учуонайдар, төрүт киин үлэһиттэрэ, Өлтөх нэһилиэгин олохтоохторо, Дмитрий Говоров төрөппүт кыыһа Анна Дмитриевна Говорова, “Мүлдьү Бөҕө” олоҥхотун сурукка түһэрсибит Никифор Михайлович Говоров, олоҥхоһут сиэнэ Ксения Яковлевна Сыроватская.