Николай Петрович Бурнашев – Боодьоҕос кыыс дэбилийэ олоҥхотун премьерата

Биир дойдулаахпыт, олоҥхоһут Николай Петрович Бурнашев-Боодьоҕос үбүлүөйдээх сылыгар Олоҥхо театра «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотун муус устар ый 15 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан култуура уораҕайыгар туруорда. Саха тыйаатыра бу олоҥхону сценаҕа 20 сыл анараа өттүгэр Андрей Саввич режиссердаан туруорбута. Сүрүн оруолу биһиги бары таптыыр артыыскабыт Степанида Борисова оонньообута. Бу олоҥхону быйыл Степанида Ильинична бэйэтэ режиссердаан, саҥалыы тыыннаан, урукку үгэһи тутуһан, аныгы тэтими киллэрэн туруорбутун көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ. Уус Алданнар биир дойдулаахпыт олоҥхото саҥалыы тыыннанан, олоҥхо тыйаатырын эдэр артыыстара оруолларын кыайа хото толорбуттарын астына көрдүбүт. Степанида Ильиничнаны бу күн төрөөбүт күнүнэн, олоҥхо иккис тыынын ылан турбутунан улуус дьаһалтатын аатыттан Дьокуускай куоракка бэрэстэбиитэл Л.С. Заболоцкая, улуус культураҕа управлениетын начальнига И.И. Аммосов, Лөгөй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Н.Н. Попов истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Олоҥхо театрын салалтата “Улуу Олоҥхоһут Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхото саха эпическэй айымньыларыттан биир бастыҥнара” диэн үрдүк сыанабыл биэрэллэриттэн биир дойдулаахтара киэн туттабыт, астынабыт уонна олоҥхо саҥалыы тыыннанан көрөөччү киэҥ эйгэтигэр тахсыбытынан эҕэрдэбитин аныыбыт!!! Театр коллективыгар биир дойдулаахпыт, олоҥхоһут Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхото төрөөбүт дойдутугар, улуус олохтоохторугар тахсан көрдөрөллөрүгэр баҕа санаабытын биллэрэбит, эрэнэ күүтэбит. Эһиэхэ салгыы да айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!!!