Мария Федотовна «Туймаада» ансаамбыл кэрэ нарын куолаһын «Күнү олус таптыыбын» айар кэнсиэрэ

Уус-Алдан улууһун култуураҕа управлениетын, култуура эйгэтин бары үлэһиттэрин ааттарыттан эйиигин, Мария Федотовнаны, Саха өрөспүүбүлүкэтин туйгунун, «Туймаада» ансаамбыл кэрэ нарын куолаһын, «Күнү олус таптыыбын» айар кэнсиэргин бар дьоҥҥор бэлэхтиир дьоро күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Кэрэ эйгэлээх дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн, кэрэни кэрэхсиир буолаҥҥын, кыра оҕо сааскыттан ырыа алыбар ылларан, Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатыттан, «Кэнчээри» ансаамбылтан кынат үүннэрэн, күн бүгүн ырыаны олоҕун аргыһа оҥостон, ыллыы-туойа, айа-тута, айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргыттан дойдун дьоно-сэргэтэ олус диэн үөрэбит, астынабыт, киэҥ тутта ааттыыбыт.
Эн, нарын-намчы, ураты куоластаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ, амарах сыһыаннаах, холку бэйэлээх сыана артыыһа буолаҥҥын, төрөөбүт улууһун аатын олоҕун устата үтүөтүк ааттатарын, барыбытыгар холобур, кэрэ кэпсээн буолар.

Баҕарабыт төрөөбүт дойдун дьонун-сэргэтин аатыттан чэгиэн доруобуйаны, саҥа сүүрээннэри, айар аартыктарын арыллан иһэллэригэр, өссө да уһун сылларга ырыа-тойук аргыстаах сылдьаргар, ураты, намыын куолаһын үйэлэргэ дьиэрэйдин!