Үгэс буолбут долгутуулаах түгэнинэн ааспыт сыл бастыҥтан бастыҥ үлэһиттэригэр «Күн эйгэ» бириэмийэ ананна.
?“Бастыҥ салайааччы” – А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Игнатий Слепцов.
?“Идэтигэр бэриниилээх” – С.С. Борогонскай аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кинигэнэн хааччыйар отделын кылаабынай бибилэтиэкэрэ Мария Крылова.
?“Сынньалаҥ киинин бастыҥ үлэһитэ” – Тумуллааҕы “Түмсүү” сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир “Айыллан” норуодунай театр режиссера – Андрей Макаров.
?“Бибилэтиэкэ бастыҥ үлэһитэ” – Найахы модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Айталина Готовцева.
?“Түмэл бастыҥ үлэһитэ” – Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы историяны, кыраайы үөрэтэр түмэл методиһа Оксана Прядезникова.
?“Бастыҥ методист” – Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын информационнай-методическай киинин сэбиэдиссэйэ Иван Захаров.
?“Социальнай коммуникация бастыҥ үлэһитэ” – Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус историятын, кыраайы үөрэтэр түмэл электроннай даннайдарын редактора Денис Пухов.
?“Уус уран самодеятельность бастыҥ кыттыылааҕа” – Г.В. Егров аатынан Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала Евдокия Васильева.
?“Бастыҥ общественник” – Түүлээхтээҕи норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Мария Винокурова.
?“Идэлээх сойуус бастыҥ үлэһитэ” – улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ биир кэлим фондатын уонна ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Галина Аммосова.
?“Бастыҥ техническэй үлэһит” – Уус Күөллээҕи “Сандал” сынньалаҥ киинин техническэй үлэһитэ Марина Курилкина.
?“Искусство оскуолатын бастыҥ үлэһитэ” – Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуйга салаатын преподавателэ Розалия Сыроватская.
?“Көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ бастыҥ үлэһитэ” – “Мүрү саһарҕата” улуус хаһыатын анал кэрэспэдьиэнэ Ольга Шепелева.