Күндүтүк саныыр учууталбытын, төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит!

Сыл – хонук диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ, суруйдахха эрэ дэбигис. Биһиги оҕо сааспыт Мүрү 8 кылаастаах оскуолата, “Кэнчээри” ансаамбыла диэн сүдү суолталаах тыллары кытта ыкса ситимнээх. Оҕо саас ахтылҕана, оҕо сааспыт салгына, сырдыгынан сыдьаайар кэрэһитэ буолаҕыт – “Кэнчээри” ансаамбылга бииргэ дьарыктаммыт, уһуйуллубут оҕолорбут. Номнуо 50 сыл буола охсубут.

Барыбытын ситимнээбит, күндүтук саныыр учууталбыт Василий Степанович Парников төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит.

Кини биһиэхэ кэрэ үйэлээх өйдөбүлүн иҥэрбитигэр, оҕо сааспытыгар бүтүн аан дойдуну уһаты-туора сыныйан көрдөрбүтүгэр, олох оскуолатын бэлэхтээбитигэр күн бүгүҥҥэ диэри сүгүрүйэбит уонна махтанабыт.

Биһиги оҕо сааспыт, туох да диэбит иһин, үчүгэй уонна сырдык кэмҥэ ааспыта. Биһиги көлүөнэ оҕолоро “Кэнчээри” ансаамбыл маҥнайгы үнүгэстэрэ, этэргэ диэри силистэрэ-мутуктара буолан, оҕо хоровой искусствота аан дойдуга сураҕырар олугун уурсубут дьоллоохпут.
Манна дьарыктанан, аан бастакынан бэйэбитин салайына үөрэммиппит, олох оскуолатын барбыппыт. Ол иһин мантан иитиллэн тахсыбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэ хайа да муннугар тиийэн, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан киэн туттабыт.

Тапталлаах «Кэнчээрибитин» күн бүгүҥҥэ диэри салайа сылдьар ытыктыыр уһуйааччыбыт Василий Степанович биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр улахан буукубаттан суруллар Учуутал быһыытынан сылдьар.

Киэн тутта ааттыыбыт Зоя Гаврильевна кэнниттэн, үҥкүүнү салайбыт, араас постановкалары туруорбут Елена Степановна Прокопьеваны. Билигин даҕаны Елена Степановна “Кэнчээриттэн” тахсыбыт оҕолору «Алаас кыргыттара» үҥкүү түмсүүтүн салайа сылдьарыттан астынабыт, үөрэбит.
Бары выпускниктары, ытыктыыр салайааччыларбытын Василий Степановиһы, Зоя Гаврильевнаны, Елена Степановнаны үбүлүөйдээх үйэ аҥаарын кэрэһэлиир “Кэнчээри” ансаамбылбыт маанылаах күнүнэн эҕэрдэлиибит итиэннэ ыам ыйын 28 күнүгэр Бороҕоҥҥо, бэс ыйын 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка аахсыйа-кэнсиэдэргэ бары түмсүүлээхтик кыттан,дьоммутун-сэргэбитин үөрдүөҕүҥ диэн ыҥырабыт!

 

ДЬОЛУНАН ТОЛОРДО

(Василий Парниковка ананар)

Василий Парников
Улууспут иһинэн
Кэмнэммэт киһибит
Дьиҥ саха саарына!

Кининэн киэн туттар
Дойдубут бүттүүнэ,
Хас омук дойдута
Чиэстээбит киһитэ!

Кэнчээри ыччаты
Кэрэҕэ угуйан,
Аар саарга ааттатта,
Саханы сөхтөрдө!

Биир этии, сүүс да тыл
Быһаарар кыаҕа суох,
Кэпсиир да кыаҕа суох
Баһылай өҥөтүн!

Ситиһии дьэ чахчы
Сиэттиспит киһитэ!
Хас оҕо дьылҕатын
Дьолунан толордо!

Төһөлөөх сыранан,
Көлөһүн тоҕуунан
Үрдүк чиэс кэлбитин
Компьютер да аахпат.

Аанньалын күнүнэн
Айхаллыа бу бүгүн
Сахабыт норуота,
Талааннаах дьонноро!

Дьол диэни амсаппыт,
Дьол диэни амсайбыт
Үтүөкэн киһибит
Өөр да өр олор дуу!

 

Полина Победа, Уус-Алдан, 25.05.2022 с.