Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ киэҥ далааhыннаахтык ыытылынна.
Республикабыт бастакы Президенэ Михаил Николаев 1996 сыллаахха саха алпаабытын төрүттээччи, бастакы учуонай, лингвист С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн — олунньу 13 күнүн, Ийэ тыл күнүнэн биллэрбитэ.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
Ол курдук, С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ диктаны суруйууну тэрилтэ үлэһиттэригэр олунньу 12 күнүгэр ыыттылар. Диктаны Иван Мигалкин 65 сааһын көрсө «Сырдык өйдөбүллээх оҕо саас» ахтыытыттан сахалыы тылынан суруйдулар. Диктант түмүгүнэн үгүстэрэ үрдүк сыанаҕа суруйдулар, тэрээһини сэргээтилэр, саха суругун-бичигин, С.А. Новгородов туһунан санаа атастаһыыта буолла. Инникитин да маннык иһитиннэриилэри, тэрээһиннэри күүтэллэрин биллэрдилэр.
Бороҕоҥҥо “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр, улуустааҕы култуура салалтата, С.С. Васильев–Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ, В.В. Никифоров–Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура киинэ “Ийэ тылга тирэҕирэн” саха тылын күнүн ыытта. Үөрүүлээх күҥҥэ киин бибилэтиэкэ Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах нэһилиэк бибилэтиэкэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт куонкурус быыстапкатын билиһиннэрдилэр. Олор истэригэр Тулунаттан төрүттээх Муомаҕа олорор Дегтярев Александр Михайлович, Өнөртөн төрүттээх Босикова Ульяна Дмитриевна-Сыгына, Хомустаахтан Попова Римма Петровна, Мындаабаттан Николай Стручков, Майаҕастан төрүттээх куоракка олорор Габышева Александра Николаевна-Талбаана, Иванов Петр Васильевич, Крылов Александр Семенович, Попова Анна Даниловна, Петрова Роберта Михайловна, Бурцева Раиса Михайловна, Копырина Антонина Власьевна уо.д.а. “Умсулҕан” түмсүү коллекционердара Т.И. Алексеева саха тылыгар, алпаабытыгар аналлаах, М.С. Москвитина саха суруйааччыларын, олоҥхоһуттарын автографтаах кинигэлэрин муспутун туһунан быыстапкаларын дьон кэрэхсии көрдө. Кэнсиэр бырагырааматыгар “Мүрү долгуннара”, “Кэскил түһэ”, “Уһуктуу” түмсүүлэр, ону тэҥэ кииннэммит бибилэтиэкэ кэлэктиибэ хоһоон, литературнай монтаж аахтылар. “Умсулҕан” түмсүү коллекционердара ыллаан дьиэрэттилэр. Муусука нүөмэригэр А. Бечеканова, “Күндүүнэ” вокальнай ансаамбыл, Т. Винокурова, Е. Васильева ыллаатылар.
Саха тылын күнүгэр мустубут дьон норуодунай бэйиэт И.В. Мигалкин “Сахам тыла барахсан” хоһоонун күргүөмүнэн аахтылар. Үөрүүлээх тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ. Оһуохайы таһаардылар СӨ үтүөлээх этээччитэ В. Бубякина, эдэр кэскиллээх этээччи Н. Никитина.
[meta_gallery_slider id=»721″]