Екатерина Ивановна Колодезникова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах «Саха туоһун тойуга» аһаҕас өрөспүбүлүкэтээҕи фестиваль

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, дэгиттэр иистэнньэҥ, былыргы иис ньыматын сөргүтээччи, тарҕатааччы Екатерина Ивановна Колодезникова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах «Саха туоһун тойуга» аһаҕас өрөспүбүлүкэтээҕи фестиваль үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Аһаҕас өрөспүбүлүкэтээҕи фестиваль Екатерина Ивановна Колодезникова аатын үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр, туоһунан дьарыктанар түмсүүлэри өйүүр, туосчуттар үлэлэрин киэҥ араҥаҕа тиэрдэр, үлэлэрин ньыматын тарҕатар, көҕүлүүр, улуустар туосчуттара бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээһи олохтуур, саха омук үгэстэрин чөл хаалларар, сайыннарар сыаллаах-соруктаах ыытыллар.
Күрэс кыттыылаахтара хамаанданан 4 түһүмэҕинэн кыттыыны ылыахтара. Манна түмсүү үлэтин билиһиннэрэр визитка, «Туналыйар туос кэрэ көстүүтэ» түһүмэх- манна дьиэлэригэр иһит арааһыттан тигэн уонна Моҕол ураһа фрагменын курбуу туоһу 1 миэтэрэни дьиэлэригэр тигэн аҕалаллар. Ону тэҥэ «Туоска оһуор анньан» ыаҕайа тигиитигэр, «Тыҥ хатыыта» сиэлинэн сабы хатыыга күрэхтэһиэхтэрэ.