Дьокуускайга норуот маастарын күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык ыытылыннылар.
Ол курдук, кулун тутар 4 күнүгэр Правительство 2-с №-дээх дьиэтигэр быйыл 6-с төгүлүн ыытыллыбыт Форумҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев кыттыыны ылла. Норуот маастардарыгар туһуламмыт этиитигэр өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит норуот уус-уран төрүт дьарыга салгыы сайдарыгар туһуламмыт Концепция баар буолуохтааҕын, билиҥҥи кэмҥэ норуот маастардарын билиилэрин уонна сатабылларын тарҕатар, үйэтитэр сүрүн сорук буолар диэн этиилэрин Форум кыттыылаахтара үөрэ иһиттилэр. Биһиги улууспутугар бу хайысхаҕа туох үлэ барарын, ханнык соруктар, инники былааннар тустарынан улууспут баһылыга А.В. Федотов иһитиннэрии оҥордо. Маны сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастардара, биир дойдулаахтарбыт В.Т.Васильева, Р.И.Готовцев маастардар оҥоһуктарын билиһиннэрэллэригэр, киэҥ эйгэҕэ тарҕаталларыгар кыахтара тиийбэтин, ханнык кыһалҕалар баалларын, удьуор ситимин сайыннаран оҕону кыра сааһыттан норуот маастардарыгар сыһыаран СӨ үөрэҕин министиэристибэтин нөҥүө үөрэтиини тэрийэр наадатын, сайыҥҥы лааҕырдары үлэлэтэр, онтон да атын соруктарга санааларын эттилэр.
Кулун тутар 5 күнүгэр Ленин болуоссатын устун саха таҥаһын кэтэн сэлэлээн хаамыы үһүс сылын ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Сомоҕолоһуу сылынан өрөспүүбүлүкэ 27 улууһуттан, Дьокуускай куорат тэрилтэлэриттэн элбэх киһи кыттыыны ыллылар. Биһиги улуустан бу тэрээһиҥҥэ 28 буолан хаамтыбыт. Кэлэр сылларга ыытыллар сэлэлээн хаамыыга нэһилиэк баһылыктара манна болҕомто ууран, дьоннорун киллэрэн кытыннаралларыгар баҕарыа этибит.
Бу күн киэһэ «Уруйдан, Уус Күнэ!» быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ П.В.Гоголев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министр 1 солбуйааччыта В.В.Левочкин, онтон да атыттар кэлэн норуот маастардарын эҕэрдэлээтилэр. Бастыҥ үлэлээх маастардарга Грамоталары, Махтал суруктары туттардылар. Ол курдук, СӨ предпринимательствоҕа министиэристибэтин Махтал суругунан Р.И.Готовцев, СӨ тас сыһыаннаһыыларга министиэристибэ Махтал суругунан П.М.Колодезников, СӨ Профсойуустарын Федерациятын Махтал суругунан В.Т.Васильева, СӨ дьахталларын Сойууһун Махтал суругунан Е.М.Бочкарева, Дьокуускай куорат култуураҕа управлениетын Махтал суруктарынан Е.И.Колодезникова, И.Е.Попов наҕараадаланнылар.
Кулун тутар 6 күнүгэр «Симэх» национальнай искусство киинин тэрийиитинэн норуот уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанар общественнай түмсүүлэр ыытар үлэлэрин туһунан төгүрүк остуол ыытылынна. Манна биһиги улууспут уран уустарын түмэр «Мындыр» общественнай түмсүү туһунан култуура управлениетын начальнига, түмсүү салайааччыта И.И. Аммосов иһитиннэрии оҥордо. Бу тэрээһиннэргэ Москва куораттан Василий Поленов аатынан Бүтүн Россиятааҕы норуот айымньытын Дьиэтин кылаабынай специалиһа Т.А.Синельникова, Ивановскай уобалас норуот айымньытыгар киинин сүрүннүүр методиһа А.Г.Шоличева кыттыыны ыллылар, уопуттарын үллэһиннилэр.
Кулун тутар 7 күнүгэр «Уруйдан, Уус Күнэ!» быыстапка үөрүүлээх сабыллыытыгар СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.А.Григорьева, Ил Түмэн бастайааннай комитеттарыттан Н.Захарова, А.Атласова, Дьокуускай куорат баһылыгын 1 солбуйааччыта В.Федоров эҕэрдэлээтилэр. СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министр 1 солбуйааччыта В.В.Левочкин бастыҥ маастардарга «СӨ норуотун маастара». «СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастара» үрдүк ааттары туттарда. ««Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарга маастара»» үрдүк ааты биһиги эдэр кэскиллээх, инникилээх иистэнньэҥмит Иван Окоемов ылла.
Быйыл 9-с төгүлүн ыытыллыбыт «Якутия мастеровая» норуот уус-уран оҥоһуктарын көрүү быыстапкаҕа өрөспүүбүлүкэбит улуустарыттан, куораттарыттан тарбахтарыгар талааннаах уус дьон үлэлэрэ турдулар. 3 күн устата турбут быыстапкаҕа дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытынан 9 көрүҥҥэ кыайыылаахтар ааттаннылар. Биһиги улуустан барыта 48 киһи үлэтэ киирэн турда.
Биһиги маастардарбыт ситиһиилэрэ:
«Саха төрүт ииһэ» көрүҥҥэ Иван Окоемов (Бороҕон) 3 миэстэни ылары ситистэ.
«Саха төрүт таҥаһа» көрүҥҥэ Алдана Егорова (Бороҕон) 2-с миэстэ буолла.
«Муостан кыһан оҥоруу» көрүҥҥэ Рожина С.С. (Бороҕон), Винокурова Н.В. Грамотанан наҕараадаланнылар.
«Мастан кыһан оҥоруу» көрүҥҥэ Петров С.С. (Майаҕас) Грамота, Егоров В.П. (Чараҥ) 3 миэстэ, Бурцев М.Н. (Чараҥ) 1 миэстэни ылары ситистилэр.
«Тимиртэн оҥоһуктар» көрүҥҥэ тимир ууһа Портнягин И.Н. (Сыырдаах), хомус ууһа Куличкин П.Д. (Бороҕон) Грамотанан наҕараадаланнылар.
«Туос оҥоһуктар» көрүҥҥэ «Оһуор утум» түмсүү салайааччыта Колодезникова Е.И. (Бороҕон), «Арчы» түмсүү (Бээрийэ, салайааччы Васильева В.Т.) Грамотанан бэлиэтэннилэр. Бу көрүҥҥэ биһиги биир дойдулаахпыт Хаҥаластан СӨ норуотун маастара С.С.Черноградскай 1 миэстэни ылары ситистэ.
«Кылтан-сиэлтэн өрүү» көрүҥҥэ Петрова М.Е. (Майаҕас) 2-с миэстэни ылла.
«Керамика» көрүҥҥэ Константинова А.Е. (Суотту) Грамотанан наҕараадаланна.
Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа көхтөөх кыттыыларын иһин Махтал суруктарынан Дьяконова И.А. (Найахы), Соловьева П.В. (Дүпсүн) бэлиэтэннилэр.
Фото-материалы по ссылке
[meta_gallery_slider id=»1924″]