Бэҕэһээ, о.э. ахсынньы 28 к., Лөгөй нэһилиэгин Даалы учаастагар Социалистическай Үлэ Геройа А.С. Копырина аатынан Арчы дьиэтин үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Герой аата нэһилиэк депутаттарын мунньаҕынан иҥэрилиннэ. Саҥа дьиэни СР народнай артыыһа В.И. Заболоцкай алгыһынан арыйда.
Бу үөрүүлээх дьоро күҥҥэ Герой кыыһа М.М. Новикова, улуус мунньаҕын председателэ И.И. Колодезников, Лөгөй нэһилиэгин баһылыга М.В. Местников, улуустааҕы культура управлениетын информационнай-методическай салаатын сэбиэдиссэйэ М.В. Бережнева, улуустааҕы Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны-кыраайы үөрэтэр музей научнай сотруднига З.М. Белолюбская, Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатын директора Г.Е. Петухов, 2-с Лөгөй нэһилиэгин баһылыга И.И. Троев, 1 Өспөх нэһилиэгин баһылыга М.И. Домотов уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттар А.С. Копырина бюһугар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Дьоро киэһээни СР суруйааччыларын чилиэнэ, СР культуратын туйгуна, культура бэтэрээнэ У.И. Бурнашева ыытта. Бу киэһэ С.Г. Нафанаилов уонча сыллаах үлэтин түмүгүнэн «Даалылар» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Бу кинигэҕэ архыып докумуоннара, урукку Даалы историятын, кырдьаҕастарын туһунан эдэр көлүөнэ кимтэн кииннээх, хантан хааннаах буоларын билэригэр төрүччүлэрэ кытта суруллубут. Онон бу сыралаах үлэнэн тахсыбыт кинигэ авторыгар Семен Гаврильевичка барҕа махтал тыллара этилиннилэр. Даалы олохтоохторо саргылаах саҥа дьылы көрсө үөрүүлэрэ үксээтэ.