Василий Павлович Свинобоев аатынан Суоттутааҕы норуот тыйаатыра

Бороҕоҥҥо улууспут народнай коллективтарын күннэрэ ыытыллар чэрчитинэн сэтинньи 16 күнүгэр Василий Павлович Свинобоев аатынан Суотту норуот тыйаатыра Мүрү нэһилиэгин олохтоохторун, ыалдьытттарын иннигэр бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрдилэр.
Күнүс 13.00 чаастан “Дуораан” араадьыйаҕа быһа биэриигэ Суоттутааҕы “Мичээр” сынньалаҥ киинин директора Валентина Патрасова, В.П. Свинобоев аатынан Суотту норуот тыйаатырын режиссера Елизавета Портнягина тыйаатыр төрүттэммит историятын, үлэлээн ааспыт режиссердар, артыыстар туһунан кэпсээтилэр.

Киэһэ 18.00 чаастан В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар Суотту норуот тыйаатырын историятын кэрэһэлиир быыстапка турда.
19.00 чаастан Суотту норуот тыйаатырын иһинэн үлэлиир “Уһуйчаана” оҕо театральнай студиятын иитиллээччилэрэ “Сир симэҕэ” музыкальнай дьүһүйүүнү, тыйаатыр артыыстара А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” айымньытынан испиэктээги көрдөрдүлэр. Артыыстар хас биирдии уобараһы олус чаҕылхайдык арыйан көрдөрдүлэр. Сцена бэтэрээннэрэ Мария Заровняева, Эдуард Николаев оонньууларын көрөөччү астынна.
Суотту норуот тыйаатырын артыыстарыгар салгыы да бу курдук айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр, көрөөччү кутун тутар спектакллары салгыы таһаара туралларыгар баҕарабыт!!!