Олунньу 8 күнүгэр Бээрийэ нэһилиэгэр Уус кыһатын аһыллыыта буолла. Аар саарга аатырдыбыт «Арчы» туосчуттар, иистэнньэӊнэр түмсүүлэрин олохтоох дьаhалта баhылыга Васильев П.В. ѳйѳѳн, ааспыт сыл бүтүүтэ 4 квартиралаах дьиэттэн 1 квартираны анаабыта. «Арчы» тумсуу салайааччыта, норуот эмчитэ, СӨ норуотун маастара Варвара Тихоновна Васильева аал уоту оттон, алгыс тылы эттэ. Кулуупка түмсүү маастардарын үлэлэрин быыстапкаҕа туруордулар. Маны таhынан быыстапкаҕа былыргы туос иhиттэр, тимир уустара кэлэллэринэн, тимир оӊоhуктар туруорулуннулар.
Баһылык Пётр Васильевич Васильев нэһилиэк эдэр дьахталларын, кыргыттарын иискэ үѳрэтиэхтэрэ диэн эрэлин биллэрдэ, ѳссѳ да маастардар үѳскүү туруохтара диэн баҕа санаатын эттэ. (Бээрийэ нэhилиэгиттэн 14 маастар үүнэн тахсыбыттара)
Улуус маастардара, культура управлениятыттан Герасимова М.Н. эҕэрдэлэрин таhынан, Варвара Тихоновна кѳрдѳhүүтүнэн маастардар үлэлэрин аҕалан олохтоохтору сѳхтѳрдүлэр, кэтэн кѳрѳр чиэскэ тигистилэр. Хайдах тикпиттэрин кэпсээтилэр, ону таhынан соннорун нэмиэтин туhанныннар диэн хааллардылар. Ыалдьыттар бу күн тоҥ музейы – аҕабыыт Никифоров Пантелеймон Васильевич дьиэтин кѳрдүлэр. Бу дьиэҕэ Советскай Союз Геройа Владимир Денисович Лонгинов дьонунаан олорбуттара.
Олунньу 10 күнүттэн иис дьиэтэ үлэлиирин биллэрдэ.
[meta_gallery_slider id=»4127″]