Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа. Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт. Бүгүн “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокультурнай кииҥҥэ Байанай ыйыгар аналлаах алгыс түстэ. Кэлбит дьон алтан чуорааны лаҥкыначчы тыаһатан киирдилэр, арыылаах алаадьынан, минньигэс быырпаҕынан күндүлэннилэр. Айыы күүһэ арыаллаах арчы отунан арчыланныбыт, ыраастанныбыт. Аар Айыыларбытыгар, сирбит-дойдубут иччилэригэр сүгүрүйэн, Барылаах Баай Байанай Тойон эһэбититтэн баай барыыгыттан бэрис, Күөх Боллох Тойон оҕонньортон лоһуор көмүс собоҕун лоһугуратан кулу диэн көрдөстүбүт. Муҥха тэриллэрин төһө билэллэригэр тургутук аастылар уонна алгыстаах тэрээһиммит сомоҕолуур оһуохайынан түмүктэннэ. Тэрээһиҥҥэ улуустааҕы реабилитационнай киин үлэһиттэрэ оҕолордорунаан барыта 17 буолан сырыттылар. Сиэр-туом uusaldan.ru инстаграм уонна телеграм сыһыарыыларыгар онлайн холбонон быһа биэриинэн ыытылынна.