Афанасий Соловьев өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үтүө-мааны түһүлгэтэ

Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх Афанасий Соловьев өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үтүө-мааны түһүлгэтэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын уораҕайыгар чахчы да дьоллоохтук ааста. Саал иһэ толору көрөччүлэр дохсун ытыс тыастарынан кутулунна, сыанаҕа кырачаан үҥкүүһүттэр көрөөччү сүрэҕин абылыы туттулар.

Аан дойду талааннаахтарын кытта алтыһа үлэлээбит, үгүс элбэх оҕону бу отучча сыл устата, үҥкүү кэрэ алыптаах дьоҕуругар үөрэтэн кэлбит А.А.Соловьев аатынан киэн тутта, дуоһуйа бу «Дьол» диэн ааттаах кэнсиэри үөрэ көрдүбүт.

Күндү Афанасий Афанасьевич! Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕун аатын ылбыккынан уонна өрөгөйдөөх үбүлүөйүн күнүнэн улууһун бар дьонун аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит??.

Өссө да өр сылларга үҥкүү диэн кэрэ номоҕу дьоҥҥор-сэргэҕэр тиэрдэ, кэрэҕэ уһуйа сырыт диэн барҕа санаабытын тириэрдэбит.

✍️Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына